Наши успехи на премии «ТЭФИ-Регион»!
Сериал «Харчы. Иэстэбил», созданный службой телесериалов НВК «Саха», стал победителем престижной премии «ТЭФИ-Регион»!
Этот успех — результат многолетней работы и творческой смелости нашей команды.
Путь к финалу был непростым: в каждой номинации остаются лишь три лучших работы. Поэтому мы особенно гордимся этим достижением. Службе телесериалов НВК «Саха» в этом году исполнилось пять лет, и за это время мы выпустили 24 уникальных сериала, каждый из которых стал важным этапом нашего профессионального роста.
«Харчы. Иэстэбил» выделяется среди них своим глубоким сюжетом, яркими персонажами и неподдельной эмоциональностью. Этот проект стал отражением силы традиций, богатства нашей культуры и её современного звучания.
Особенно приятно, что эта новость пришла именно сегодня, в Международный день телевидения. Такой подарок вдохновляет нас на новые свершения и подтверждает, что мы движемся в правильном направлении.
Мы уже не в первый раз становимся обладателями наград на «ТЭФИ-Регион». В 2020 году наша команда завоевала приз за трансляцию «Игр Дыгына».
Для нас премия «ТЭФИ-Регион» — это не только признание высокого уровня наших работ, но и стимул к дальнейшему развитию. Мы готовим новые сериалы и программы, которые, уверены, продолжат традицию качества и станут гордостью нашей компании.
Спасибо всем, кто идёт с нами по этому пути: зрителям, коллегам и всей нашей большой творческой команде. Мы обещаем, что впереди вас ждут ещё более яркие проекты!

На этой сессии депутаты активно обсуждали два ключевых вопроса: бюджет на следующий и последующие три года, а также передачу отдельных полномочий в сфере сельского хозяйства муниципальным районам.
Как член комитета по бюджету, могу отметить, что работа над поправками к бюджету велась с большим вниманием и ответственностью. Депутаты активно участвовали в согласительных комиссиях, часто задерживаясь до позднего вечера. Итоговый бюджет, несмотря на все сложности, оказался сбалансированным и учитывающим интересы всех сфер жизни. Особое внимание было уделено выполнению социальных обязательств государства, которые будут полностью реализованы.
Второй важный вопрос касался финансирования сельского хозяйства. Сегодняшние обсуждения показали, что развитие села волнует всех депутатов, независимо от их избирательных округов. Принятые изменения в законодательство предусматривают передачу значительных полномочий по финансированию сельского хозяйства на уровень муниципалитетов. Это можно назвать настоящим прорывом для сельских территорий.
Теперь наша задача как депутатов — донести суть этих изменений до избирателей, особенно до работников сельского хозяйства. Важно, чтобы новые меры не только сохранили текущий уровень производства, но и стали стимулом для его дальнейшего развития.

This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Норуот тапталын ылбыт Роман Цыпандин
Бүгүн-сарсын Аллараа Бэстээххэ, 1960 сыллааҕы Рим Олимпиадатын кыайыылааҕын Тимир Пинегин аатын сүгэр «Парус» спорт уораҕайыгар хапсаҕайдаһан тустууга норуот тапталын ылбыт Роман Цыпандин кэриэһигэр улахан күрэхтэһии ыытыллар.
Кини көҥүл тустууга хатыламмат, ураты буочардааҕа. 1985 сыллаахха Дьокуускайга ыытыллыбыт Советскай Союз чемпионатыгар Роман тустуута саха дьонун олус астыннарбыта. Дойду ааттаахтара мустубут түһүлгэлэригэр, кини утарсааччыларын атахтаан өрө баһан таһааран тамнааттыыра уратытык көстүбүтэ. Мээнэҕэ норуот кинини «Көтөҕөр кран» диэн таптаан ааттыа дуо?
Роман Иванович уос номоххо киирбит тустуутун туоһулуур устуулар «САХА» көрдөрөр-иһитиннэрэр хампааньа архыыбыгар хараллан сыталлар. Чаҕылхай бөҕөс кылбар кыайыыларын көрүн, сэргээн, үллэстин!

Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
«Оһуор» үҥкүү быстыбат ситимэ
Бүгүн Мэҥэ-Хаҥалас улууһун, Саха сирин киэн туттуута «Кыталык» үҥкүү ансаамбыла төрүттэммит күнэ. 45 сыл анараа өттүгэр, саҥа үөрэҕин бүтэрэн кэлбит Василий Винокуров Майа эдэр ыччатын түмэн, сахалыы тыыннаах үҥкүүлэри туруроран, күн бүгүҥҥэ диэри айымньылаахтык үлэлии сылдьарыттан астынабыт.
1979 сыллаахха саҥа тэриллибит айар түмсүүнү «Кыталык» диэн Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ Алексей Леонтьевич Попов сүрэхтээбитэ. Оттон ансаамбыл үтүө сүбэһитинэн, чугас доҕорунан буолбута Саха АССР үтүөлээх артыыһа Иоаким Дмитриевич Избеков. Кини көмөтүнэн «Оһуор үҥкүүтэ», «Буойуҥҥа уһуйуу», «Хотугулуу үҥкүү», «Кыталык үҥкүүтэ» туруоруллубуттара, ССРС уонна Россия араас куораттарын, элбэх омук дойдуларын көрөөччүлэрин биһирэбилин ылбыта.
«Кыталык» солбуллубат уус-уран салайааччыта Василий Павлович олоҕун аргыһа Александра Гаврильевнаны кытта тоҕус көлүөнэ ыччаты кэрэ эйгэтигэр сыһыаран, «Российскай Федерация үтүөлээх коллектива» ааты ылары ситиспиттэрэ элбэҕи туоһулуур.
«Кыталык» уҥкүү норуодунай ансаамбыла, өссө да өр сылларга, үрдүккэ дайа турдун диэн сахалыы уруйдуубун-айхаллыбын!

Бэҕэһээ Хаҥалас улууһун илин эҥэр сытар нэһилиэктэрин «Октябрь 50 сыла сопхуос» тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарар кээпэрэтиибин сылы түмүктүүр тэрээһинигэр кыттыыны ыллым.
Бэлиэтээн эттэххэ, быйылгы сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтин үрдүнэн сылгы-сүөһү ахсаанын аччаппакка, төттөрүтүн улаатыннарбыт улууһунан Хаҥалас буолар. Маныаха туруу үлэһиттэрдээх «Октябрь 50 сыла сопхуос» кылаата баара саарбахтаммат. Ханна да тиийдэрбин бу үлэни өрө туппут дьону барыларын билэбин, кинилэри кытта алтыһабын уонна мэлдьи түмсүүлээх, иллээх-эйэлээх, бииргэ тутуһан сылдьан, күүстээх үлэни кыайаллар диэн киэн тутта кэпсиибин.
Норуот дьокутаата буоларым быһыытынан, кээпэрэтиип салайааччыта, бииргэ талыллан дьокутааттыы сылдьар Тихон Скрябины кытары тыа хаһаайыстыбатын инники кэскилин туһунан элбэхтэ кэпсэтэбит, сайдар кэскилин торумнуубут.
Биһиги Ил Дархаммыт Айсен Николаев, өрөспүүбүлүкэбит бырабыыталыстыбата бу хайысхаҕа улахан болҕомтолорун ууралларын бары да бэркэ көрө-истэ сылдьабыт. Ол үлэ түмүгүнэн аҕыйах хонуктааҕыта Ил Түмэн бүтэһик сессиятыгар ылыллыбыт саҥа сокуону ааттыахха сөп. Бу сокуону дьон-сэргэ үчүгэйдик билиэн-көрүөн наада, олоххо киирдэҕинэ тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар саҥа үктэл буолуо.
Бэйэм өттүбүттэн, тыа сирин туһунан биэриилэр кэлэр 2025 сылга «Саха» НКИХ ханаалларыгар өссө элбиэхтэрэ.

Бүгүн, ахсынньы 8 күнүгэр, Майаҕа сылдьан, улуустааҕы бэтэрээннэр сэбиэттэрин, улуус Ытык сүбэтин активтарын кытта көрсөн, элбэх сытыы боппуруостары ырытыһан, санаа атастаһан, ирэ-хоро кэпсэттибит.
Аҕам саастаах биир дойдулаахтарым интэриэһиргиир боппуруостара киэҥ, сүрүн болҕомтолорун олохтоох бэйэни салайыныы биир тиһиктээх былаас ситимигэр көһөр реформатыгар сыһыаннаах федеральнай сокуон олоххо киириитигэр уларыйыылар, олохтоох дьаһалта үлэтэ-хамнаһа, билиҥҥи ыччат дьарыктаах буолуута о.д.а.
Онтон салгыы «Кыталык» РФ үтүөлээх коллектива, үҥкүү норуодунай ансаамбыла 45 сылыгар аналлаах «Дьол кэрэһитэ "Кыталык"» диэн үҥкүү түһүлгэтигэр ыалдьыттаан, саха үҥкүүтүн искусствота үрдүк чыпчаалга тиийбитин сөҕө-махтайа, киэн тутта көрдүбүт.
Саха норуотугар уһулуччу суолталаах, саха култууратын, искусствотын үрдүк чыпчаалга таһаарбыт, саха үҥкүүтүн ис тыыннаабыт, ураты суолталаабыт «Кыталык» норуодунай ансаамбыл бары көлүөнэ үөрэнээччилэрин, уһуйааччыларын ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин! Инникитин да «"Кыталыктар" дуо?», – диэн кэрэ кэпсээҥҥэ киирэ тураргытыгар баҕарабын.
Төрөөбүт-үөскээбит Мэҥэм сирэ талааннаах дьонунан баай, Һаханы һаха дэппит киһи гиэнэ кэрэмэстэрэ, саха саарыттара олорон-үөскээн ааспыт, билигин да дойдуларын туһугар олохторун аныыр талба талааннаах дьонноох-сэргэлээх мааны дойдулаахпыттан куруутун киэн туттабын!

Сылбыт түмүктэнэрэ бу кэллэ, онон биир дойдулаахтарбын, быыбардааччыларбын кытта көрсүһүүлэрбин саҕалаатым.
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хара нэһилиэгэр сырыттым. Нэһилиэк баһылыга Дария Ивановна Назарова сыл устата ыыппыт үлэтин дьон-сэргэ биһириирин биллэрдэ. Хара линзаҕа турар буолан сирэ сиҥнэн түһэ турара, сүөһү төбөтүгэр көрүллэр харчы дьоҥҥо тиийиитэ, дьон уопсай сүөһүтүн көрөргө хотону көрүү, ипподрому саҥардыы, сайыҥҥы өттүгэр өрүһү туорааһын, ирбистэр үлэлэрэ, ону таһынан олохтоох бэйэни салайыныыга аналлаах сокуон олоххо киириитэ, сыана үрдүүрүгэр хонтуруол, Ил Дархан туһаайыытыгар эппитигэр олоҕуран аҕа саастаах дьон түмсэр кииннэрин үлэлэтии курдук үгүс боппуруос дьону долгутар эбит.
Сэргэх көрсүһүү буолла. Көрсүһүү кэнниттэн үгэс буолбут Үтүө санаа харыйатыгар кырачааннарга саҥа дьыллааҕы бэлэх - Тооку оонньуурун тиэртим. Ийэ тылынан сөбүлээн көрөр ойуулугун илиитигэр тутара оҕоҕо туспа үөрүү.
Хара – дириҥ силистээх-мутуктаах, баай историялаах, сайдар-үүнэр кэскиллээх нэһилиэк.