Warning: Undefined array key 0 in /var/www/tgoop/function.php on line 65

Warning: Trying to access array offset on value of type null in /var/www/tgoop/function.php on line 65
- Telegram Web
Telegram Web
#ОтчетГлавы2024

Үөһээ Бүлүү салалтатын сыллааҕы үлэтин-хамнаһын отчуоттуур үлэтин Хоро нэһилиэгин кэннэ Үөдүгэйгэ ыыттыбыт. Олохтоохтор көхтөөхтүк кытыннылар, олох араас эйгэтигэр сыһыаннаах көрүүлэрин, саҥа санааларын этиннилэр. Улуус дьаһалтатын ааспыт сыллаа үлэтин туйгунунан сыаналаатылар.

Салгыы киэһэ өттүгэр Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр кэлэн отчуот үлэтин түмүктээтибит. Тэрилтэ салайааччылара, биэнсийэлээхтэр санааларын хото этиннилэр.

Ол курдук, санитарнай рейсэ кэлэригэр авиапорт балаһата бэлэмэ суох буоларын, онтон сылтаан рейсэ кэлэр-кэлбэт боппуруоһа турарын улуустааҕы киин балыыһа сүрүн бырааһын солбуйааччыта Мария Прокопьева этиннэ. Маҥан авиапорт салайааччыта Дмитрий Иванов күннээҕи үлэ хаамыытынан хаар ыраастааһын үлэтэ утары күнүнэн ыытылларын, Онон рейсэ кэлэр буоллаҕына мэлдьи бэлэмнэрин туһунан хоруйу биэрдэ. Үөһээ Бүлүүттэн Дьокуускай куоракка рейсэ сарбыллан турарын бары билэбит. Маныаха авиапорт , салалтата Бүлүүгэ кэлэр рейсэ Үөһээ Бүлүүгэ диэри кэлэрин курдук туруорсуу үлэтин ыыта сылдьар.

Тыа хаһаайыстыбатын өттүгэр оттооһуҥҥа анаммыт сири тыырыыны, чааһынай сылгылаахтарга туох өйөбүл баар буолуоҕун ыйыттылар. Саҥа бэрээдэк өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн таҕыста да үбү-харчыны тыырыы үлэтэ барыаҕа. Биирдиилээн сүөһүлээх ыалга харчы көрүллүбэт, тэриллиилээх хаһаайыстыбаларга эрэ тыырыллар. Тыа хаһаайыстыбатыттан көрүллэр субвенция харчытын быһаарар боломуочуйа улууска бэриллэр буолла. Маныаха үүтү туттарааччыларга 1 лиитэрэ үүккэ 100 солк. төлөнөр буолуоҕа. Билигин улуус үрдүнэн Сургуулук нэһилиэгэ уонна бааһынай хаһаайыстыбалаахтартан Анна Трофимова уонна Балаҕаннаахха Петр Кардашевскай саамай элбэх үүтү туттарааччылар буолаллар. Улуус өттүттэн тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыыны, үп-харчы кэмигэр сөпкө төлөнөрүн хонтуруоллуохтаахпыт.

Бөһүөлэк 1-кы уокуругун түөлбэтигэр үс арыгы атыылыыр маҕаһыын үлэлиирин бэлиэтээн туран, маҕаһыыннары дьон олорор түөлбэтиттэн тэйиччи, улуус киинин кытыытыгар көһөрөргө көрдөстүлэр. Бу боломуочуйа сэлиэнньэ депутаттарын көрүүтүгэр киириэхтээх. Депутаттар быһаарыыларынан көһөрүллэр кыахтаахтар, Маныаха сессияҕа улуус баһылыгын быһыытынан тус санаам ирдэннэҕинэ кыттыыны ыларга бэлэммин.

Хайа да нэһилиэккэ буоллун, Үөһээ Бүлүүгэ эмиэ ТКО уонна АСМ убаҕас отходу тоҕор миэстэтин уларыталларыгар этиннилэр.

21 нэһилиэктэн 16-гар муниципальнай баһаарынай чаас баарын этэн туран, хаалбыт 3 нэһилиэккэ тэриллэрэ буоллар нэһилиэнньэ баһаартан сэрэхтээх, харысхаллаах буолара күүһүрүөх этэ диэн улуустааҕы баһаарынай этэрээт салайааччыта Олимпий Харлампьевтан санаатын этиннэ.

Инбэлиит оҕолордоох төрөппүттэр ааттарыттан босхо көрүллэр эмп кырыымчыгынан сибээстээн, ааспыт сылга 2 эрэ ыйдааҕы эми ылбыттарын этиннилэр. Манна улуус киин балыыһатын үлэһитэ сөптөөх хоруйу биэрдэ. Ол эрэн бу боппуруоһу Бырабыыталыстыба сыллааҕы үлэтин отчуотугар биэрэрдии боротокуолга киллэрдибит.

Мэҥэ таһынан Үөһээ Бүлүү, Үөдүгэй нэһилиэктэригэр уһаайба сирэ суоҕун, 5 уонна 5-тэн элбэх оҕолоох ыаллар дьиэ ылар уочараттара хамсаабатын, федеральнай трасса өрөмүөнүн, ууга барар уһаайбалаах дьон аатыттан кыһалҕаларын этиннилэр.

Олохтоохтор саҥа састаабынан саҕалаабыт үлэбитигэр ситиһиини баҕарбыттара өссө күүскэ үлэлиирбитигэр кыах биэрэр. Улууска үп-харчы кэллэҕинэ үлэ барар, салгыы сайдабыт. Онон бары бииргэ, түмсүүлээхтик улууспут туһугар үлэлиэххэ-хамсыахха диэн ыҥырабын. Түмсүүлээх буоллахпытына баар үлэни барытын кыайыахпыт.

#ВерхневилюйскийУлус
http://T.me/ValeriNikolaev
#ОтчетГлавы2024

НЭҺИЛИЭННЬЭ ДЬАРЫКТААХ БУОЛУУТА

2024 с. доруобуйаларынан хааччахтаах 19 киһи үлэ көрдөөн учуокка турда, ол иһигэр 15 киһи (79%) үлэ булан учуоттан уһулунна.
Үөһээ Бүлүү улууһун нэһилиэнньэтин дьарыктаах буолуутун киинигэр 2024 сыл түмүгүнэн 470 киһи үлэ көрдөөбүт. 321 киһи үлэ булбут (68.2%). Онтон учуокка турар ахсаана 97 киһи, ол иһигэр пособия ылааччыта 63 киһи.

Урбаанынан дьарыктаныан баҕалаах 4 киhиэхэ субсидия бэрилиннэ, кээмэйэ 600 000 солк. 1 киhиэхэ тиксэринэн 150000 солкуобай.

«Организация общественных работ» 7 үлэтэ суох киһи үлэлээтэ, Үлэлэрин көрүҥэ: тутуу, күрүө тутааһына, хотон өрөмүөнэ.
14-18 дылы сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор араас быстах үлэлэргэ (лааҕырдарга) үлэлээтилэр. 120 оҕо бу программанан хабыллан үлэлээтилэр.
15 үлэтэ суох киhи араас курстарга үөрэннэ, ол курдук, котельнай оператора, бульдозер машиниһа, водитель категории «С», электрогазосварщик, слесарь КИПиА уо. д.а. үөрэххэ киирбит дьоҥҥо үөрэхтэрин төлөбүрэ, айаннара, стипендия төлөннө. Үөрэхтэрин бүтэрэн баран 25 киһи үлэ булла.

Саха сирин промышленнай тэрилтэлэригэр үлэҕэ ылыы бырагыраамманнан 12 киһи Саха Сирин промышленнай тэрилтэлэригэр үлэҕэ кииирдилэр. (ООО Якутуголь, ОАО Алмазы Анабара, ПАО АК Алроса, ООО УК «Колмар», АО Сахатранснефтегаз, ООО Арктиккапитал, уод а..)

Профориентационнай өйөбүл көмөтүн - 335 киhи, социальнай адаптация өҥөтүн 30 киhи, психологическай өйөбүл көмөтүн 15 киhи ылла.

Пособия алын кээмэйэ 2578,8 солкуобай, үөһээ кээмэйэ 21982 солкуобай 00 харчы.

#Трудоустройство

T.me/ValeriNikolaev
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Ыччат ортотугар наркоманиянан үлүһүйүү
- Ыччат дьон Наркотикка ылларыыларын сүрүн төрүөтүнэн билиэх-көрүөх баҕалара баһыйан ону таһынан кими эрэ үтүктэн саҕалыыллара буолар. Ол эбэтэр наркотик атыытынан үлүһүйэн сылдьар дьон соруйан угаайыларыгар киллэрэн бастаан кыратык боруобалаталлар онтон сыыйа бэйэлэригэр улам чугаһатан наркотига суох сатаммат наркоман оҥороллор. Эдэр киһи бастаан боруобалыам онтон тохтуом диэн улахаҥҥа уурбакка сыһыаннаһар устунан наркотикка ылларбытын өйдөөбөккө да хаалар.

Өйдөө!
- Мин олохпор НАРКОТИК СУОХ! диэн бигэ өйдөбүлү тутус!
- НАРКОТИК быыкаа да дозата НАРКОМАНИЯҔА бастакы хардыы буоларын умнума!
- Эн олоххор Наркотик хайа да көрүҥэ суох буолуохтаах!

Наркотик буортута
- Доруобуйаны айгыратар
- Наркоманияттан эмтэниигэ үгүс харчы ороскуоттанар
- Буруйу оҥоруу үксүүр
- Дьону кытары сыһыан мөлтүүр
- Үлэҕэ оҥорон таһаарыы намтыыр, экономикаҕа охсуу тахсар
- Түмүгэ ӨЛҮҮ, СҮТҮҮ

Наркотик киһи доруобуйатыгар охсуута
- Мэйиигэ - клетка өлүүтэ , өй-санаа, майгы уларыйыыта,санаа түһүүтэ, уйулҕа хамсааһына, утуйбат буолуу, туохха барытыгар кырыктаах сыһыан
- Тиискэ – кальций тийбэтиттэн тиис көөрөттөн алдьанар
- Тыҥаҕа – салгын тийбэт буолар, пневмония, пневмосклероз быһааран эттэххэ тыҥа ыарыылара үөскүүллэр
- Сүрэххэ – аритмия, дистрофия миокарда, инфаркт миокарда, сүрэх тэппэт буолуута-өлүү
- Быарга – гепатит, цирроз, некроз, өлүү

Наркотиктан сүһүрүү
- Наркоман этэ-былчыҥа барыта ыалдьар
- Наркотига суох сатаммат, ааспат ыарыыга ылларар
- Өй-санаа, эт-хаан эстиитэ,бараныыта
- Тирии саһархай өҥнөнөр, баттах түһэр, кэмин иннинэ кырдьар, сэргии көрөрө, умсугуйара суох буолар
- Организм наркотик сүлүһүнүн утары охсуспат буолар

Наркоман – өлүк
Киниэхэ баар :
- Мэйии урусхалланыыта
- СПИД
- Гепатит
- Передозировка
- Өлүү
Киниэхэ суох:
- Төрөтөр оҕо, орто дойдуга Олох

Болҕой!
- Наркоман доҕоро суох, кини тула бэйэтин курдук наркоманнар бааллар
- Наркоман доруобуйата суох, элбэх ыарыы баар
- Наркоман харчыта суох, күннээҕи ылар дозата баар
- Наркоман дьиэ кэргэнэ суох, кини оҕо төрөтөр дьолу билбэт

ОЛОХ? эбэтэр Өлүү? БЭЙЭҤ талаҕын

#НетНаркотикам
#ОтчетГлавы2024

ЭДЭР ЫЧЧАТ БЭЛИИТИКЭТЭ

Кулун тутар 1-2 күннэригэр 2024 сыл - "Ыччат десана" бырайыак чэрчитинэн Үөһээ Бүлүү улууһун ыччата «Ураан» устудьуоннарын общественнай тэрилтэтин кытары волонтерскай үлэни анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр анаан ыыппыттара.

2024 сыл муус устар 11 күнүгэр тыа сиригэр ыччат тэрилтэлэрин көхтөрүн үрдэтиигэ ыччат бастакы көрсүһүүтэ тэрилиннэ.

Быйыл ыччат политикатын линиятынан «СР ыччат уонна социальнай коммуникацияларын министерствотын иһинэн психологическай көмө киинэ» ГУП филиала аһылынна. Киин үлэтигэр 2 штатнай психолог киирдэ, ону тэҥэ офистарга аналлаах саҥа миэбэл атыылаһыллан кабинет тэрилиннэ.

"Табыс" өрөспүүбүлүкэтээҕи эдэр ыччат фестивалигар Үөһээ Бүлүү улууһа 25 эдэр киһиттэн делегация оҥордо. Норуот фольклорун куонкуруһугар Айан Саввинов (10 000 солк. наҕараадаланна), оттон иккис миэстэ Гаврильева Уйгулаана (5 000 солк. наҕараадаланна). Денис Васильев " ТАБЫС- 2024» вице-Мистер буолла.

Үөһээ Бүлүү улууһугар ойуур баһаарын утары охсуһууга инники күөҥҥэ сылдьар ыччат ортотугар гуманитарнай көмө үлэтэ ыытылынна.

Биһиги эдэр спортсменнарбыт «Ньургун Боотур» спортивнай конкурска призердарынан буоллулар. Эльдар Мандаров абсолютнай чемпионнарынан (75 000 солк. наҕараадаланна), Ванесса Морфунова 2- с миэстэни ылла (30 000 солк. наҕараадаланна).

Балаҕан ыйын 10-күнүгэр «Оптуорунньук - доруобуйа күнэ» бырайыак улуус үрдүнэн саҕаламмыта. Нэһилиэнньэ доруобуйатын чэбдигирдэргэ анаммыт тэрээһиннэр хас биирдии оптуорунньукка Үөһээ Бүлүү улууһун социальнай структуралара ыыталлар.

#МолодежнаяПолитика

T.me/ValeriNikolaev
#ОтчетГлавы2024

ДЬИЭ КЭРГЭН БЭЛИИТИКЭТЭ

Сыл саҕаланыытыгар «РФ дьиэ кэргэн сылын үөрүүлээхтик аһыллыыта», «СӨ оҕо саас сыла» фестиваль уонна «Үөһээ Бүлүү улууһугар Түмсүү сыла» диэн ааттаах кэккэ тэрээһиннэри тэрийдибит.

Бу тэрээһиннэргэ сүүһүнэн кыттааччыны түмэн, обществоҕа дьиэ кэргэн институтун дьоһун болҕомтото тардылынна.

Кулун тутар 29 күнүгэр «Аҕа күрэҕэ» конкурс буолан ааста, онно 11 ыал (уоллаах аҕалар) кытынна. Күрэххэ Петровтар аҕалара Айсен Егорович уонна уола Арсен кыайыыны ситиһэннэр биһиги улууспут республика түһүлгэтигэр көмүскээтилэр.
Муниципальнай түһүмэҕи тэрийиигэ бэйэбит үлэбитин биһирээннэр республикатааҕы конкурс тэрийээччилэрэ махталларын биллэрэн, «Муниципальнай түһүмэх бастыҥ тэрийээччилэрэ» номинациянан наҕараадалаабыттара.

«Далбар Хотун- 2024»республикатааҕы конкурска Үөһээ Бүлүү улууһуттан элбэх оҕолоох ийэ Марина Афанасьевна ситиһиилээхтик кыттыыны ылла.

Муус устар 13 күнүгэр «Моя семья - моя родина» республикатааҕы конкурс муниципальнай түһүмэҕэ буолан ааста. 9 ыал кытынна, олортон 5 ыал Үөһээ Бүлүү улууһуттан маннык наҕараадалары туттулар:
• «Эдэр ыал» номинацияҕа 2 миэстэни Саввинов Егор Егорович уонна Базюк Мария Степановна.
• «Приемная семья» номинацияҕа 3 миэстэни Семенов Александр Валентинович уонна Евсеева Айталина Адамовна ыллылар.
• «Ыал — үгэс тутааччы " номинацияҕа 3 миэстэни Павел Антонович уонна Антонина Васильевна ыллылар

Аан дойдутааҕы дьиэ кэргэн күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһугар "Төрөппүт оскуолата» саҥа бырайыак бастакы семинара буолан ааста.

Ыам ыйыгар инбэлиит оҕолоох ыалларга «Дьиэ кэргэн өрөбүллэрэ» бүтүн Россиятааҕы бырайыак ыыттылынна. Маннык ыаллар интэриэстэрин көмүскүүр «Харысхал» НКОНЫ кытта күүскэ үлэлиибит. Үөһээ Бүлүү улууһун социальнай структураларын салалтатын кытта араас тэрээһиннэр, семинардар уонна көрсүһүүлэр ыытыллаллар.

Ыам ыйын 18 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһугар "Дьахтар түмсүүтүн күүһэ» диэн дьахтар форума ыытылынна. Форумҥа 200- тэн тахса дьахтар кытынна.

«Үөһээ Бүлүү улууһа» МР 10 бастыҥ улууска оҕо саас чэрчитинэн бастакы аҥардаах үлэ-хамнас түмүгүнэн киирдэ.

Үөһээ Бүлүү улууһугар аан бастаан “Дьиэ кэргэн-олох тирэҕэ" дьиэ кэргэн форума ыытылынна. Форумҥа Үөһээ Бүлүү, Бүлүү улуустарыттан уонна Дьокуускай куораттан 216 киһи кытынна. Дьиэ кэргэн форума сыллата ыытыллара былааннанар.

Бүгүҥҥү күҥҥэ биһиги улууспут 21 нэһилиэгэр нэһилиэнньэ олоҕун уйгутун тупсарар уонна дьиэ кэргэн сыаннастарын уонна үгэстэрин сайыннарар сыаллаах сүбэлэри тэрийэр үлэлэр бара тураллар:
1. Дьахтар сэбиэтэ: дьахтар сэбиэтэ дьахталлары общественнай олоххо тардыыга, дьахтар боппуруостарын уонна көҕүлээһиннэрин дьүүллэһиигэ туһуламмыт.
2. Аҕалар сэбиэттэрин арыйыыга үлэ барар: дьиэ кэргэн сыаннастарын өйөөһүҥҥэ, дьиэ кэргэҥҥэ аҕа оруолун бөҕөргөтүүгэ уонна оҕону иитиигэ опыт атастаһыыга эмиэ көмөлөһөр.

Дьиэ кэргэн сыаннастарын уонна үгэстэрин күүһүрдүүгэ үлэ салгыы ыытыллар: биһиги күүспүтүн-уохпутун дьиэ кэргэн сыаннастарын бөҕөргөтүүгэ уураммыт кэнчээри ыччатка сөптөөх иитиини биэрэргэ дьулуһабыт.

#СемейнаяПолитика

T.me/ValeriNikolaev
#ОтчетГлавы2024

Гражданскай оборона уонна ыксаллаах быhыы–майгы.

«Үөһээ Бүлүүтээҕи муниципальнай баһаарынай быыһыыр сулууспа» муниципальнай бюджетнай тэрилтэтэ 2020 с. ахсынньы ый 1 күнүттэн Үөһээ Бүлүү улууһугар Кэнтик, Кырыкый уонна Оҥхой нэһилиэктэригэр үлэтин саҕалаабыта.

Бу сыл ыам ыйын 1 күнүгэр эбии 6 саҥа салаалар: Ороһу, Харбалаах, Өргүөт, Быракаан, Туобуйа, Сургуулук нэһилиэктэригэр арыллан үлэлэрин саҕалаабыттара.

Уопсай үлэһит ахсаана 55 киһи: 1 салайааччы, 9 салаа салайааччылара, 45 баһаарынай-быыһааччылар.
Ааспыт сылга Оҥхой нэһилиэгэр 2 баһаар, быйыл 8 баһаар таҕыста. Ол курдук: Кэнтиккэ – 1 баһаар (чааһынай баанньык), Кырыкыйга – 1 (гараж), Оҥхойго – 1 (баанньык), Харбалаахха – 2 (чааһынай гараж, будка), Туобуйаҕа – 1 (музей), Сургуулукка – 2 (ФАП котельнайа, чааһынай дьиэ).

Ону таһынан быйыл сайын улууспут үрдунэн ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллэн, ойуур баһаардарын умулларыытыгар элбэх үлэ ыытылынна. Ол курдук, Кэнтиккэ, Быракааҥҥа, Өргүөткэ, Кудуга, Харбалаахха, Оҥхойго, Сургуулукка, Кырыкыйга, Балаҕаннаахха уопсайа 41 баһаарынай-быыһааччы кыттыыны ыллылар.

#ГражданскаяОборона

T.me/ValeriNikolaev
#ОтчетГлавы2024

2024 сыл дьоһуннаах ситиһиилэринэн уонна саҥа ыҥырыыларынан бэлиэтэннэ. Аан дойдуга буола турар уларыйыылар уонна уустук социальнай-экономическай быһыыга-майгыга биһиги улууспут олохтоохторун олохторун-дьаһахтарын хаачыстыбатын тупсарыыга туһуламмыт тутаах соруктары олоххо киллэриигэ араас таһымнаах үлэ ыытылынна.

Социальнай инфраструктураны сайыннарыы биһиги үлэбит сүрүн сыала буолар.

Сыл устата улууспутугар 2 саҥа оскуола арылынна, Боотулууга уонна Сургуулукка. Маны тэҥэ Ороһу орто оскуолатын тутуутугар үп көрүллэн быйылгаттан сиэрдээх үлэ саҕаланна. Ороһу оскуолата 2025-2026 үөрэх сылыгар үөрэнээччилэргэ аанын тэличчи арыйарын кэтэһэбит. Нам нэһилиэгэр Анегина Ильина аатын сүгэр норуот айымньытын киинин тутуутун үлэтэ тиһигэр тиэрдиллэн, ахсынньы ый бүтүүтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна. Харбалаах, Кэнтик нэһилиэктэригэр асфальтынан бүрүллүбүт суоллаах уулуссулар арылыннылар. Маны сэргэ, Кэнтик нэһилиэгэр саҥа ФАП арылынна, Харбалаах нэһилиэгэр Исидор Барахов аатынан култуура киинэ тутуута, ис-тас оҥоһуга түмүктүүр түһүмэххэ кэллэ.

Тыа хаһаайыстыбатыгар үүтү тутуу, туттарыллыбыт үүтүү ааҕыы, учуоттааһын үлэтэ бэрэдэктэннэ, кормозаготовка бырагыраамматынан 10 тэриллиилээх хаһаайыстыбаларга МТЗ трактордар ылыллан туттарылыннылар, саха ынахтарыгар анаммыт 50 төбөлөөх хотон тутуллан үлэҕэ киирдэ. Маны сэргэ биирдиилээн үүт туттарааччыларга анаан улуус бюджетыттан лиитэрэ үүккэ эбии 15 солкуобай көрүллүбүтэ.

Доруобуйа харыстабылыгар биир улахан хардыыннан буолла оҕо поликлиникатын тутуутун саҕаланыыта.

Улууска эбии 6 муниципальнай баһаарынай быһыыр сулууспалар, Харбалаах, Туобуйа, Сургуулук, Ороһу, Быракаан, Өргүөт нэһилиэктэригэр арылыннылар, уопсайа 36 үлэ штата арылынна. Манна эбии улууска спортинструктор штатын 7,5 ставканы эбэммит, уопсайа 10 нэһилиэккэ спортинструктор штата арылынна.

Бу курдук, ылыллыбыт тиэмпэни ыһыктыбакка, салгыы уууспут олохтоохторун уйгута тупсарыгар туһуламмыт үлэни ыытар сыалы-соругу туруорабыт.

#ВерхневилюйскийУлус

T.me/ValeriNikolaev
"Спортивные якутяне" өрөспүүбүлүкэтээҕи оскуола оҕолорун спартакиадатыгар бэлэмнэниигэ анаммыт сүбэ мунньах ыыттылынна.

Былырыын, 2024 сылга Өрөспүүбүлүкэтээҕи оскуола оҕолорун спартакиадатыгар Үөһээ Бүлүү улууһун хамаандата ситиһиилээхтик кыттан 2-с миэстэни ылбыппыт.

Быйылгы спартакиадаҕа бэлэмнэниини эрдэттэн саҕалаан, өссө үрдүк көрдөрүүнү ситиһэргэ дьулуһабыт.

Бүгүн сүбэ мунньахха улууспут спорт салалтатын салайааччыта Егор Алексеевич Николаев, Д.Е. Корякин аатынан оҕо спорт оскуолатын директора Павел Васильевич Уйгуров, күөн күөрсүү оскуолатын (школа единоборств) директора Прокопьев Рустам Юрьевич, маны тэҥэ тренердар: хотугу многоборье - Григорьева Раиса Васильевна, дуобат - Тереньтева Сардана Григорьевна, мас тардыһыы - Охотин Геннадий Михайлович, тустуу - Саввинов Платон Егорович, Шахмат - Семенов Валерий Николаевич кыттыыны ыллылар.

Быйыл спартакиада 29 көрүҥҥэ ыытыллыаҕа. Уопсайа 300-тэн тахса оҕо улууспутугар сүүмэрдиир күрэхтэргэ кытыыны ылыахтара. Сүүмэрдэммит спортсменнар улууспут аатын өрөспүүбүлүкэҕэ көмүскүү бу сайын Дьокуускай куоракка спорт араас көрүҥнэригэр күөн күрэхтэһиэхтэрэ.

#СпортивныеЯкутяне
#ВерхневилюйскийУлус

T.me/ValeriNikolaev
С Днём российского студенчества, с праздником юности, вдохновения и больших надежд!

Я всегда с теплотой вспоминаю свои студенческие годы — это был удивительно яркий период, наполненный новыми знаниями, важными открытиями и вдохновением. Эти годы — время смелых планов, саморазвития и поиска своего пути.

С праздником, студенты! Пусть учёба приносит радость, жизнь будет наполнена яркими событиями, а мечты воплощаются в реальность! Всегда помните, что вы — будущее Якутии и всей страны!

#ЯкутияВперёд

www.tgoop.com/aisen_nikolaev
Дорогие студенты!

От имени администрации МР "Верхневилюйский улус (район)" и от себя лично сердечно поздравляю вас с Днем студента!

Этот день символизирует молодость, стремление к знаниям и открытие новых горизонтов. Вы — будущее нашего района, нашей республики и страны. Ваши идеи, энергия и устремления способны изменить мир к лучшему.

Учеба — это не только знания, но и возможность развивать свои таланты, находить друзей и строить свою жизнь. Я призываю вас использовать этот период для самосовершенствования, активного участия в жизни общества и реализации своих мечт.

Пусть каждый новый день приносит вам вдохновение, а все ваши усилия увенчаются успехом. Желаю вам здоровья, удачи и ярких свершений на пути к вашим целям!

С праздником вас, дорогие студенты!

С уважением, Глава Верхневилюйского района В.В. Николаев

#ДеньСтудента

T.me/ValeriNikolaev
2025/01/25 02:52:17
Back to Top
HTML Embed Code: