Warning: Undefined array key 0 in /var/www/tgoop/function.php on line 65

Warning: Trying to access array offset on value of type null in /var/www/tgoop/function.php on line 65
4760 - Telegram Web
Telegram Web
Бэҕэһээ Антоновкаҕа А.Я.Овчинникова аатынан "Түһүлгэ" норуот айымньытын саҥа дьиэтигэр Саҥа дьылы көрсөр үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ кытынным. "Түһүлгэ" НАДь дириэктэрэ Матрена Прокопьевна Захароваҕа А.Я. Овчинникова аатынан бэлиэни, Петр Петрович Белолюбскайга "СӨ култууратын туйгуна" бэлиэни уонна Людмила Петровна Ефремоваҕа "СӨ норуот айымньытыгар кылаатын иһин" бэлиэни туттардым. Бары наҕараадаламмыттарга уонна олохтоохторго бары үчүгэйи, сырдыгы, кэскиллээҕи уонна үйэлээҕи барабын!
🪖 Соҕотох саха байыаһа өстөөҕү кытары биир-бииргэ киирсибит хорсун быһыыта бу күннэргэ ситимнэргэ киэҥник тарҕанна. Билиҥҥи кэм геройа Тута - Ньурба ньургун уола.

Ньурбаттан СВО-ҕа элбэх байыаннай сулууспалаах сылдьар, ол иһин хас биирдиилэрин билэ, билсэ сатыыбыт диэххэ сөп. Онон сэтинньигэ Андрей Украина сиригэр бойобуой сорук толоро киирэн баран атакаҕа түбэһэн сураҕа суох сүппүт диэн иһитиннэрии ыар сурах буолан кыра Ньурбаны тута толорбута. Онтон аҕыйах хонон баран "Андрей тыыннаах үһү" диэн үөрүүлээх сонун хараҥа былыт кэннэ күн тыкпытыныы биир дойдулаахтарын үөрдүбүтэ. 5 оҕо тапталлаах аҕата тыыннааҕын истэн бары үөһэ тыыммыппыт.

Саҥа сылы көрсө Тута кэпсээниттэн волонтер Александр Седалищев суруйбут очерката, Тута тыыннаах хаалар иһин хабыр хапсыһыытын видеота ситимнэринэн тарҕанна, дьиҥ киирсии хайдах буолбутун эт харахпытынан көрдүбүт.
Бүгүн улуус дьаһалтатын дьиэтигэр баһылык бастакы солбуйааччыта Василий Семенов, баһылык солбуйааччыта Наталия Петрова, Ньурбатааҕы военком Николай Афанасьев Тутаны уонна кэргэнин кытта көрүстүбүт, кэккэ боппуруостары дьүүллэстибит. Үгэс быһыытынан үрүҥ көмүс харысхал, СВО байыаһын наборун туттардылар.
Саха сиэринэн уолбутугар бары өйөбүл буолуохтаахпыт. Ситимнэргэ тарҕанар араас быһыылаах иһитиннэриилэри сиидэлээн, сэмээр харыстыахтаахпыт.

✍🏻 Лена Петрова

@gazetanyurba @ulusmedia
Бүгүн биир дойдулаахпыт, Тыалыкыттан (билиҥҥинэн Октябрьскай нэһилиэк) төрүттээх саха норуотун уһулуччулаах судаарыстыбаннай-бэлитиичэскэй диэйэтэлэ, САССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ уонна Ньурба оройуонун бочуоттаах олохтооҕо Александра Яковлевна Овчинникова төрөөбүтэ 110 сылын туолла. Александра Яковлевна 1963-1979 сс. Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Бэрэссэдээтэлинэн, РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин Бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан ситиһиилээхтик үлэлээбитин аҕа саастаах көлүөнэ үчүгэйдик өйдүүр. Кини хаһаайыстыбаннай уонна култуурунай тутууга Сэбиэттэр оруолларын үрдэтиигэ, сэбиэскэй уорганнары каадырынан бөҕөргөтүүгэ улахан болҕомтотун уурбута. Ити сылларга өрөспүүбүлүкэ өр сыллаах сайдыытыгар улахан суолталаах эбийиэктэр: алмааһы хостуур комплекс, Бүлүү ГЭС-ин уонна Дьокуускайдааҕы ГРЭС бастакы уонна иккис уочараттара, Таас Тумус-Бэстээх гаас утаҕа уо.д.а. тутуллубуттара. Тыа хаһаайыстыбатыгар, олохтоох бырамыысыланнаска, социальнай эйгэҕэ эмиэ улахан хамсааһыннар тахсыбыттара.
Ытыктабыллаах ЮРИЙ АФАНАСЬЕВИЧ! Эйигин олоҕуҥ кэрэ-бэлиэ түгэнинэн - үбүлүөйдээх 75 сааскынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Эн үйэ аҥарын устата үөрэх эйгэтигэр айымньылаах үлэҕинэн бэйэҥ сүҥкэн кылааккын киллэрдиҥ. Эйигин өрөспүүбүлүкэ биир бастыҥ учууталын быһыытынан билэбит, үрдүктүк сыаналыыбыт уонна киэн туттабыт! Эн үөрэппит-такайбыт оҕолоруҥ дойду араас муннугар ситиһиилээхтик үлэлии сылдьаллар, Эйигин үтүө тылынан махтана ахталлар. Эн айымньылаах уонна үтүө суобастаах үлэҥ сыаналанан, Эн РФ үтүөлээх учууталын, СӨ норуодунай учууталын аатын чиэстээхтик сүгэҕин. Ытыктабыллаах ЮРИЙ АФАНАСЬЕВИЧ! Эйиэхэ кытаанах доруобуйаны, дьолу-соргуну, уйгулаах уһун олоҕу, үлэҕэр салгыы ситиһиилэри баҕарабын!
ОДьКХ ГУП Ньурбатааҕы филиалын кылаабынай инженерэ, улуус Сүбэтин депутата Антон Васильевич Костин салайааччылаах 8 киһилээх биригээдэ Эдьигээҥҥэ киин хочуолунайга тахсыбыт саахалы туоратыһа сылдьар. Уолаттар Ньурбаттан сапчаас илдьэн, олохтоох биригээдэни кытта бириэмэни аахсыбакка үлэлии сылдьаллар. Номнуо икки хочуолу чөлүгэр түһэрдилэр, сылаас эбийиэктэргэ бэрилиннэ.
Бүгүн Дьокуускайга В.П.Ларионов аатынан "Инникигэ хардыы" өрөспүүбүлүкэ эдэр чинчийээччилэрин XXIX научнай-практическай конференциялара саҕаланна. Тэрээһин үөрүүлээх аһыллыытыгар СӨ Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев кыттыыны ылла. Өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан 1610 оҕо кыттар. Ол иһигэр биһиги улуустан 44 эдэр чинчийээччи баар. Бүгүн стендэ иннигэр дакылаат көмүскээһинэ, "Уопсастыбаннай талан ылыы" куонкурус ыытылынна. Бастакы түһүмэҕи ааспыт оҕолорбут сарсын публичнай защиталара буолуоҕа. Оҕолорбутугар ситиһиилэри баҕарабыт!
Подвиг якутянина, отважного бойца Андрея Григорьева с позывным "Тута", в жестокой рукопашной схватке победившего противника из ВСУ, прославился на весь мир. Сегодня встретился с Андреем лично и поблагодарил его за ратную службу.

Мы тепло пообщались, боец рассказал о событиях тех дней. Андрей после того боя ещё несколько дней был в тылу врага, уничтожил несколько солдат противника, бронетехнику, взорвал склад боеприпасов. И только потом выбрался к своим. Он очень скромный молодой человек, не считающий себя героем. И никто так и не узнал бы о его подвиге, не появись это видео - сам Андрей никому не рассказывал подробностей. Именно такие люди, как он, делают нашу великую Россию сильнее и крепче. Во время нашей встречи я испытывал неизмерную гордость за наших воинов - якутян.

Всё время службы верным орудием бойца был якутский нож. Тот легендарный нож остался в части, у боевых товарищей. От имени всех якутян, с большой благодарностью я подарил Андрею новый якутский нож. Пусть он бережёт его! Якутия гордится!

www.tgoop.com/aisen_nikolaev
2025/01/16 05:55:28
Back to Top
HTML Embed Code: