Warning: Undefined array key 0 in /var/www/tgoop/function.php on line 65

Warning: Trying to access array offset on value of type null in /var/www/tgoop/function.php on line 65
- Telegram Web
Telegram Web
Мэҥэ Хаҥалас улууһугар саҥа дьыл бастакы күннэригэр улуус баһылыга Дмитрий Тихонов салайааччылаах нэһилиэк баһылыктара хотоҥҥо үлэлиир дьоҥҥо көмөлөһөллөрө үтүө үгэс буолбутун кэпсиир видео социальнай ситимнэргэ тарҕанна.

Бу 2025 сыл тохсунньу 2 күнүгэр диэн видеоҕа этэллэрэ иһиллэр.

Үтүө бачыымы атын улууска хотон көрөөччүлэр сэргииллэрин суруйдулар.

#тыасирэ #хотон #мэҥэхаҥалас
2025 сыл бэлэҕэ😍

«Арыы-шоу» 😅👍

Быһа барыллаан чаас аҥаарынан арыы бэлэм буолла. Икки хонуктаахха сүүрдүллүбүт сүөгэйтэн оҥордум.

Оҕолор оҥороллоругар сөптөөх эбит.

Видеоларга, хаартыскаларга көрүҥ👍

#тыасирэ #бэйэаһа
2025 сыл сахаларга Иэйэхсит Хотун сыла диэтилэр.

Быһааралларынан, олох эргиирэ 12 сылга үллэһиллэр:
Бастакы сыл – Таҥха сыла.
Иккис сыл – Одун сыла.
Үһүс сыл – Дьөһөгөй сыла.
Төрдүс сыл – Айыыһыт сыла.
Бэһис сыл – Иэйэхсит сыла.
Алтыс сыл – Үрүҥ Айыы сыла.
Сэттис сыл – Буор сыла.
Ахсыс сыл – Аан Дьааһын сыла.
Тохсус сыл – Улуу Суорун сыла.
Онус сыл – Хотой Айыы сыла.
Уон биирис сыл – Байанай сыла.
Уон иккис сыл – Билгэ сыла.

Суоттааһын бигэргэтэринэн, быйыл бэһис сыл - Иэйэхсит сыла.

Үрүҥ аскыт дэлэччи буоллун, диэн туран Эдьиийбит кытыйа бэлэхтээтэ. Онно күөрчэх ытыйдым. Мындыр саха чочуйан айбыт иһитэ оҕо аймах сөбүлээн сиир "мартышкатын" начаас дагдаҥнатан кэбистэ. Билигин оҕолор туран үөрэ-көтө аһыахтара😋😋😋

Иэйэхсит Хотун саха олоҕун арчылаатын, алгыстаатын, көмүскээтин, харыстаатын, ил-эйэ тосхойдун❤️

#бэйэаһа #иэйэхситсыла
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Суораты сайын эрэ сииллэрин курдук өйдөбүллээҕим. Убайдарым оттоон кэлэн баран, сөрүүн суораты киллиргэччи иһээччилэр. Дьиҥэр, сайын үүт дэлэй буолан суораттаан эрдэхтэрэ.

Мин бэйэм суорат сиэбэппин, оҕо сылдьан сытыгар да турбат этим. Аһыыр остуолга суорат таммалаабыт буоллаҕына үөрэрим, ол аата иһит сууйбаппын😅 өссө саахарга сүөгэй таммалаппыт буолааччылар дии, ол күн эмиэ иһит сууйбаппын😅

Билигин бэйэм суоратчыт буолан эрэбин, эмиэ «үс сыл күүттэ"🫣

Аны 5 сылынан «суорат сиир буоллум» диэн суруйарым буоллар👍👏🏻

Суорат туһата элбэх буоллаҕа, сиэбит киһии дии саныыбын ээ🫢

#бэйэаһа #сахааһа #суорат!
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Тыа хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччыта Анна Стручкова ахсынньы 9 күнүгэр буолбут мунньахха "Ягодоводство" салаатын хайдах үлэлэтэр сорук турарын эппитэ. Дьон отонноон туттаран, дохуот аахсар усулуобуйата сөпкө тэриллиэхтээх. Тустаах салайааччы этиитин звукка истиҥ 👆🏼👆🏼👆🏼

Отон диэни иһиттэхпинэ 2020 сылы саныыбын. Ферма, фермер, тыа хаһаайыстыбата, тыа сирэ, агробизнес, бизнес-былаан диэн тыллары дорҕоонноохтук саҥарар буолбутум. Тыа сирин олоҕун суруйар суруналыыс буоларым быһыытынан бу тиэмэ ордук чугаһа🤝📝📸💻

Салгыытын комментарийга ааҕыҥ🍒👩🏻‍🌾
Бүгүн атын ырысыабынан сыр оҥордум. Сарсыардаттан сорунан туран🧀🥣

Бастаан сэппэрээтэр үүтүн бөлөнүтэн (10 литр) иэдьэгэй оҥордум. Иэдьэгэйим киилэ аҥара курдук таҕыста. Өссө биирдэ бэлиэтиибин - ыаммытынан үүт буолбатах🤗

Иэдьэгэйбэр (творог) 5-тии грамм туус уонна сода, 50 грамм ынах арыыта, биир сымыыт куттум . Буккуйдум.

Салгыы иэдьэгэйим иһититтэн өссө улахан иһиккэ уу кутан оргуттум. Онно иэдьэгэйдээх иһиппин уктум уонна буккуйдум, биир маасса буола ууллуор диэри кыра уокка👍

Сыр да сыр буолбут, ыйааһынын бэрэбиэркэлээтибит - 460 грамм 😋😋😋

Хаартыскаҕа, видеоҕа көрүҥ. Ыйытыылаах буоллаххытына комментарийга суруйаарыҥ.

#бэйэаһа #үүтас
2025/01/21 02:40:35
Back to Top
HTML Embed Code: