Warning: Undefined array key 0 in /var/www/tgoop/function.php on line 65

Warning: Trying to access array offset on value of type null in /var/www/tgoop/function.php on line 65
- Telegram Web
Telegram Web
AYAL | Страшные истории
https://vk.com/saqa_ayal
Ютубка кыайан көрбөт буоллаххытына ВК киирэн биэриилэри истиэххитин сөп, бу нэдиэлэҕэ маҥнайгы сезон иннэ тахсыа.

Кэлэр нэдиэлэттэн саҥа биэриилэр - ВК-аҕа ПЯТНИЦА түүн аайы!
Ютубка суруттарбыттар саамай эрдэһиттэр, ЧЭППИЭР аайы син биир көрүөхтэрэ...

Каналым в первую очередь - Ютуб канал, сабылыннаҕына даҕаны онно тахса туруо, тас сахалар эмиэ бааллар.
Биэрии комментарийдара:

1. Биһиги алгысчыппыт ал5аата5ына Үрүҥ Аар Тойон диэбэккэ, наар мээнэ-мээнэ Айыылары ааттыыр этэ, суор игин диэтэ да күннээх баҕайы күҥҥэ наар эмискэ ардах кэлэн микрофона илийэн, колонката алдьанан, тыал түһэн сонно уурайара, дьон тар5аһара. Уруу алгыһын кэннэ бары арахсыбыттара. Онон хата дьон сэмэлээн, өйдөнөн ол алгысчыт ал5аабат буолбута. Тыл иччилээх, дьон өссө да айыл5аны үчүгэйдик билбэт. Сөптөөхтүк саҥарбат, кэтэнэн көрбөт, киһиргэс, билиммит, үтүктээйи баҕайылар. Аан бастаан киһи чугас дьонун, кыылын ал5ыахтаах, онно табыллыы, үтүөрүү кэлэр буолла5ына, күн тахсан үөрэр буолла5ына биирдэ үөрэх сал5анар. Культурата суох культура элбээтэ.

2. 😄 биһи битииһит буолааччыбыт, эбэһээт ким эрэ уҥааччы, сылгы охторун эмиэ өйдүүбүн. Ыһыахха кини алгыстыыр буоллаҕына, ооо ким эрэ уҥар диэн буолааччы 😂 дьиктитэ диэн ыһыах күн күнэ суох пасмурный күн буоллаҕына, кини алгыһын кэннэ күн көрөөччү.
Дьиэ кураанахтаммыта | Сурутааччы кэпсээнэ

Мин оскуолаҕа үөрэнэ сырыттахпына 6 дуу 7 кылааһы бүтэриибэр дьүөгэм ийэтэ өлөн хаалла. Саҥа каникул саҕаланан эрэр кэмэ этэ. Кистээбиттэрин кэннэ олорор дьиэлэрин хатаан баран аймахтарыгар олорбуттара.

Арай биир күн миэхэ кэлэн баран: "Мин дьиэбэр баһаалыста бара сылдьыахха малбын ылыахпын наада" - диир. Хайдах эрэ дьиксинэ санаатым, куттанным.  Толкуйдаан баран эттим: "Ким да суох дии 40 хонук игин буола илик кэлин барыахпыт"-диэн этэ  сатаатым. Кыыһым олох истибэт олох иннин биэрбэтэ, барыахха да барыахха диэн киһини хайытан илдьэ барда.

Син балай да дьиэлэрэ ыраах. Тиийдибит. Дьиэҕэ киирдибит. Көрдөхпө малы барытын таһаарбыттар перегородкалары ылбыттар. Дьиэ кубус кураанах, дьиэ ортотугар оһох уонна түгэх хостор бааллар. Уу чумпу буолан хаалла. Аны туран тыбыс тымныы, киһи кута-сүрэ кыайан тохтообот дьиэтэ курдук. Дьүөгэм малын көрдүү хоһугар киирдэ мин кинини батыстым. Чэ син кыра кыралаан кэпсэтэ кэпсэтэ олордубут, кыыһым малын хомунар. Арай киниэхэ телефонугар эрийдилэр. Чэ наадыйбатым олох тулуйан кэтэһэн олоробун ол эрэн этим сааһа арыллыах курдук.

Кыыһым өр баҕайы күлэ-күлэ кэпсэтэ-кэпсэтэ олордо. Арай иһиттэхпэ дьиэ иһигэр ким эрэ ытыыр курдук. Хайдах хайдаҕый диибин. Өссө үчүгэйдик иһиттим кырдьык дьахтар ытыыр. Баҕар сквозняк аан аһаҕаһыттан дуу хайдах эрэ сыыһа иһиттим быһылаах диэммин наадыйбатах курдук олордум эрээри өссө куттанным. Бэйэбин уоскутуна дьүөгэм тугу кэпсэтэрин болҕойон истэ сатыы олордум. Арай дьахтар ытыыра өссө улаатар курдук. Олох тулуйарбыттан аастым, кутталым өссө улаатта. Кыыспын ыксаан таарыйан ыксаттым. Дьүөгэм ону көрөн сөбүлээбэтэ эрээри телефонунан кэпсэтэрин тохтотто. Уонна туох буоллун диэн ыйытар. Ону эттим истиий ким эрэ ытыыр ди диибин. Эс ким ытыаҕай диэн иһийэн истэр. Уонна сирэйэ хайдах эрэ буолла. Мин истэрбинэн ытыыра олох уоскуйбат. Оннук курдук дьахтар ытыыра өссө улаатар курдук.

Онтон дьүөгэм күлбүтэ буолла уонна ааны аһаҕас хаалларбытым сквозняк дии диир. Уоскута сатыыр. Мин саҥарбатым. Уонна малын ситэ хомуммакка эрэ барыахха диэн аҕыйах малын ылаат аан диэки ойдубут. Нэһиилэ ааны хатаан баран тэлгэһэттэн куоппуппут. Ийэбэр баран кэпсээбиппэр мөхпүтэ хайдах инник барсаҕын. Ити дьиэни дьигинэ кураанах хаалларыа суохтаахтар этэ. Аны бараайаххыт улахан дьоно суох, дьиэни ыраастаабатахтара буолуо диэбитэ...

AYAL | Кутталлаах түбэлтэлэр @saqa_ayal
Уай да уай
Канал арыычча улааппыт эбит😂
Кытылга тыас | Сурутааччы кэпсээнэ

Уон икки сыл аннараа Амма5а сынньана барбыппыт табаарыстарбытынаан. Сирбитин аһатан, күөс өрүнэн, аһаан, сөтүөлээн утуйдубут. Арай түүн уһукта биэрдим. Музыка, айдаан тыаһа бөҕөтө. Тахсан көрөөччү буоллум ханна тыаһыырын. Арай өрүс аннараа өттүгэр, кытылга улахан компания сынньана сылдьар эбит. Уот-күөс, музыка, күлүү, мэниктээһин бөҕөтө. Оннук көрөн турдахпына, биһиги сытар өттүбүтүгэр, ханна эрэ үөһээ, мастар оройдоругар дүҥүр тыаһаата күүскэ да күүскэ. Мин дэлби куттанным, сап салыбырас буоллум. Аннараа кытылга уот-күөс арахсан хаалла, музыка араҕыста. Уу чумпу. Онтон иккистээн, үһүстээн тыаһаата. Кыыһырбыт курдук күүскэ баҕайытык. Мин палаткам диэкки куоттум, сарсыарда күн тахсыар диэри сатаан утуйбатаҕым. Сиэри-туому тутуһар булгуччулаах!

AYAL | Кутталлаах түбэлтэлэр @saqa_ayal
БҮГҮН МАҤНАЙГЫ SPECIAL!
Каналы өйөөбүт сурутааччылар анал биэрии көрүөхтэрэ. Биир биэриигэ 18 КУТТАЛЛААХ КЭПСЭЭН!

https://vk.com/donut/saqa_ayal

ВК Донаттарын нөҥүө каналы өйөөн!
Үгүс киһи ВК донаттарын билбэт эбит, ол иһин маннык инструкция оҥордум. Эһиги өйөбүлгүт миигин кынаттыыр, барҕа махтал!
https://vk.com/donut/saqa_ayal
Дьикти түүл | Сурутааччы кэпсээнэ

7 кылааска Таатта5а ийэм өттүнэн эбээбэр олоро сылдьыбытым, онно биир күн түһээтэхпинэ Ньурбаттан аҕам өттүттэн эһээм атынан кэлэн, олбуор иһигэр аттаах кэлэн турар. Уонна ыҥырар миигин, атынан хатааһылатыам игин диир курдук. Бастаан муодар5аан чугаһаан иһэн көрдөхпүнэ, ата төрүт да мап-маҕан харахтаах. Уунан ыспыт курдук, этим барыта аһыллан куттанан, куоттум уонна хотон диэки кэбиһиилээх от кэннигэр саһан хааллым. Эһээм ыҥыра сатаан баран булбакка баран хаалла. Оннук уһуктан кэллим. Туран эбээбэр дьикти түүлбүн кэпсээтим, эбээм сирэйэ хайдах эрэ уларыйан хаалла уонна эттэ: «төрүт да этэрбин умнан кэбиспиппин, эһээн бу үс күн аннараа өттүгэр бараахтаабыт».
Быраһаайдаһа кэлэ сылдьыбыта буолуо дии саныыбын.

Иккис түүл.

2017 сыллаахха түһээтэхпинэ оҕо сааһым ааспыт дьиэтигэр кэлбиппин. Бастаан киирдэххэ кухня, уонна коридор түгэҕэр заала баар, онно аастым. Көрбүтүм аҕам өттүттэн убайым дьаарбайа кэлбит Ньурбаттан, оҕо сырыттахпытына кэлээччи. Дорооболоһон кэпсэттибит. Ону ыйытар ийэлээх аҕан ханналарый диэн. Дьиэлэригэр суохтар. Сатаан булбакка сылдьабын диир. Ээ кинилэр бу дьиэттэн көспүттэрэ ыраатта диибин. Киһим хомойбут курдук буолла, оннук уһугуннум.
Кэлин нэдиэлэ игин буолан дьоммор дьаарбайа сылдьан, ээ арба ол убайбын түһээтим, хайдаҕый диэн ыйыппар ийэм үүт үкчү били эбээм курдук дьиксиннэ уонна убайым барбытын кэпсээтэ. Быраһаайдаһаары көрдөөхтөөбүтэ буолуо. Кырдьык сылдьыбыт эрэ сирдэригэр сылдьыахтарын сөп буолуо дуо.

AYAL | Кутталлаах түбэлтэлэр @saqa_ayal
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Ону таһынан ВК Донаттаабыттарга аныгыс нэдиэлэ5э тахсар биэрии…

https://vk.com/donut/saqa_ayal
Утуппат общага | Сурутааччы кэпсээнэ

2007-8 сылларга Нам улууһун Граф Биэрэгэ диэн дэриэбинэ5э профлицей-2 диэн сиргэ үөрэнэ сылдьабын, оччолорго дьалхааннаах со5ус кэмнэр этэ. Күһүн үөрэнэн са5алаатыбыт, биир хоско уонтан тахса буолан олоробут.

Биир күн утуйа сытан баттат да баттат буоллум, отой кыайан утуйбатым, ол сытан арай туох эрэ иннибэр сырдыы түстэ. Олоро биэрээт көрбүтуүм до5оор ханньары баран хаалбыт уостаах, арбайбыт баттахтаах, уппуһун муннулаах, кып - кыара5ас харахтардаах, киһии сырайын курдук төбө салгыңңа ыйанан турар эбит. Этэ сиинэ, илиитэ ата5а суох, көннөрү төбө сырдаан уун утары көрөн турар. Оо соһуйан саңа да таһаарбатым истиэнэ5э сыстан баран көрөн олордум. Төьө өр эбитэ буолла, а5ыйах сөкүүндэ быһылаах. Онтон ол ба5айым хос ортотугар са5арыйда, уонна феолетавай өңнөнөн баран сүтэн хаалла. Онтон дьэ куттанан суора5аным иһигэр киирдим, дэлби тириттим. Онтон биир соседым тугу эрэ гынан тыаһаабытыгар ыйыттым, көрдүн дуо диэн, - суох диэтэ. Сарсыныгар кэпсээбиппэр ким да итэ5эйбэтэ.

Чэ оннук үөрэх баран иһэр саас буолла, биир күн улахан курэхтэһии буолла. Улуустартан спортсменнар кэллилэр. Биһиги хосторбутун күрэхтэһээччилэргэ биэрдилэр, биһигини биир склад курдук хоско сытын диэтилэр. То5о бу склад буолан турарый диэн ыйыппыттарыгар, урут хайа-эрэ студент ыйанан өлбүт үһү диэтилэр. Ону хайдах эрэ итэ5эйбэтибит, уһун күнү быһа ыраастаатыбыт маллары көһөртөөн. Чэ уонна бастакы күммүтүн хоннубут. Утуйа сытан тугу эрэ түһүү сытан уһуктан кэллим. Түннүгү көрбүтүм ыйдаңалаах ыраас халлаан эбит, сып-сырдык. Онтон суора5аммын көннөрөөрү көрбүтүм до5оор… Оронум муннугар олорор эбит, хоп-хойуу куул курдук өңнөөх киһи нуксуйэн баран олорор эбит. Кутталбыттан суора5аммар киирдим уонна сыттыгым үрдүгэр дэлби та5ыстым. Оннук куттаммыппын хаһан да өйдөөбөппүн. Уһун чааһы быһа сыттым тыыммын хаайтара-хаайтара. Ол сыттахпына пожарнай сигнализация тыаһаата, хайа эрэ уол пожарнай ааны арыйбытыгар тыаһаабыт. Сэрэнэн өңөйөн көрбүтүм сүтэн хаалбыт.

Уолаттартан ыйытабын хайдах утуйдугут диэн, бары ынырык учугэйдик утуйа сыттыбыт дииллэр. Биир Макс диэн уолтан биир уол ыйыталаһарын иһиттим Макс бөлүүн тугу эрэ көрбүт үһүгүн диэн. Онно олорон испэр санаатым ити аата мин эрэ көрбөтөхпүн диэн.

Практика5а ыыталаатылар, мин куоракка ааһар сир булуннум. Ол кэннэ икки ыйы супту кыайан утуйбатым, нэһиилэ 1-2 эрэ чаас нуктаан ылабын. Эбэм аахха олоробун, түүнү быһа аны туох эрэ күлүктэрин көрөр буоллум. Ыксааммын пиибэ бө5өтүн иһэн эрэ баран күүскэ утуйар буола сырыттым. Хайдах эрэ санаар5аатым маннык буолар буолла5ына, арыгыһыт буолан бүтэр эбиппин диэн. Практикабын ааһан үөрэхпин түмүктээн дипломмун ылан баран, дойдулаатым. Дьэ онно тиийэн сүгүн утуйар буоллум. Ба5ар дьонум таһыгар кэлэн буолуо эбитэ дуу, ба5ар сирим дойдум булан дуу. Уоскуйан куттанарым ааһан чөлбөр түспүтүм. Билигин үчүгэй, туох да мэһэйдээбэт. Сиэри-туому тутуһа сатыыбын.

AYAL | Кутталлаах түбэлтэлэр @saqa_ayal
Бүгүн Ютубка саңа биэрии уонна ДОНАТТААБЫТ сурутааччыларга аныгыс нэдиэлэ5э тахсар биэрии та5ыста!

https://vk.com/donut/saqa_ayal
2024/12/03 00:22:37
Back to Top
HTML Embed Code: