OLEGMARKOV8 Telegram 839
Бэҕэһээ Хаҥалас улууһун илин эҥэр сытар нэһилиэктэрин «Октябрь 50 сыла сопхуос» тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарар кээпэрэтиибин сылы түмүктүүр тэрээһинигэр кыттыыны ыллым.

Бэлиэтээн эттэххэ, быйылгы сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтин үрдүнэн сылгы-сүөһү ахсаанын аччаппакка, төттөрүтүн улаатыннарбыт улууһунан Хаҥалас буолар. Маныаха туруу үлэһиттэрдээх «Октябрь 50 сыла сопхуос» кылаата баара саарбахтаммат. Ханна да тиийдэрбин бу үлэни өрө туппут дьону барыларын билэбин, кинилэри кытта алтыһабын уонна мэлдьи түмсүүлээх, иллээх-эйэлээх, бииргэ тутуһан сылдьан, күүстээх үлэни кыайаллар диэн киэн тутта кэпсиибин.

Норуот дьокутаата буоларым быһыытынан, кээпэрэтиип салайааччыта, бииргэ талыллан дьокутааттыы сылдьар Тихон Скрябины кытары тыа хаһаайыстыбатын инники кэскилин туһунан элбэхтэ кэпсэтэбит, сайдар кэскилин торумнуубут.

Биһиги Ил Дархаммыт Айсен Николаев, өрөспүүбүлүкэбит бырабыыталыстыбата бу хайысхаҕа улахан болҕомтолорун ууралларын бары да бэркэ көрө-истэ сылдьабыт. Ол үлэ түмүгүнэн аҕыйах хонуктааҕыта Ил Түмэн бүтэһик сессиятыгар ылыллыбыт саҥа сокуону ааттыахха сөп. Бу сокуону дьон-сэргэ үчүгэйдик билиэн-көрүөн наада, олоххо киирдэҕинэ тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар саҥа үктэл буолуо.

Бэйэм өттүбүттэн, тыа сирин туһунан биэриилэр кэлэр 2025 сылга «Саха» НКИХ ханаалларыгар өссө элбиэхтэрэ.

tgoop.com/Olegmarkov8/839
Create:
Last Update:

BY ОЛЕГ МАРКОВ

Share with your friend now:
tgoop.com/Olegmarkov8/839

View MORE
Open in Telegram

Telegram News

Date: |

Ng Man-ho, a 27-year-old computer technician, was convicted last month of seven counts of incitement charges after he made use of the 100,000-member Chinese-language channel that he runs and manages to post "seditious messages," which had been shut down since August 2020. 2How to set up a Telegram channel? (A step-by-step tutorial) With the “Bear Market Screaming Therapy Group,” we’ve now transcended language. Co-founder of NFT renting protocol Rentable World emiliano.eth shared the group Tuesday morning on Twitter, calling out the "degenerate" community, or crypto obsessives that engage in high-risk trading. Telegram iOS app: In the “Chats” tab, click the new message icon in the right upper corner. Select “New Channel.”
from us

Telegram ОЛЕГ МАРКОВ
FROM American