OLEGMARKOV8 Telegram 843
Бүгүн, ахсынньы 8 күнүгэр, Майаҕа сылдьан, улуустааҕы бэтэрээннэр сэбиэттэрин, улуус Ытык сүбэтин активтарын кытта көрсөн, элбэх сытыы боппуруостары ырытыһан, санаа атастаһан, ирэ-хоро кэпсэттибит.

Аҕам саастаах биир дойдулаахтарым интэриэһиргиир боппуруостара киэҥ, сүрүн болҕомтолорун олохтоох бэйэни салайыныы биир тиһиктээх былаас ситимигэр көһөр реформатыгар сыһыаннаах федеральнай сокуон олоххо киириитигэр уларыйыылар, олохтоох дьаһалта үлэтэ-хамнаһа, билиҥҥи ыччат дьарыктаах буолуута о.д.а.

Онтон салгыы «Кыталык» РФ үтүөлээх коллектива, үҥкүү норуодунай ансаамбыла 45 сылыгар аналлаах «Дьол кэрэһитэ "Кыталык"» диэн үҥкүү түһүлгэтигэр ыалдьыттаан, саха үҥкүүтүн искусствота үрдүк чыпчаалга тиийбитин сөҕө-махтайа, киэн тутта көрдүбүт.

Саха норуотугар уһулуччу суолталаах, саха култууратын, искусствотын үрдүк чыпчаалга таһаарбыт, саха үҥкүүтүн ис тыыннаабыт, ураты суолталаабыт «Кыталык» норуодунай ансаамбыл бары көлүөнэ үөрэнээччилэрин, уһуйааччыларын ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин! Инникитин да «"Кыталыктар" дуо?», – диэн кэрэ кэпсээҥҥэ киирэ тураргытыгар баҕарабын.

Төрөөбүт-үөскээбит Мэҥэм сирэ талааннаах дьонунан баай, Һаханы һаха дэппит киһи гиэнэ кэрэмэстэрэ, саха саарыттара олорон-үөскээн ааспыт, билигин да дойдуларын туһугар олохторун аныыр талба талааннаах дьонноох-сэргэлээх мааны дойдулаахпыттан куруутун киэн туттабын!

tgoop.com/Olegmarkov8/843
Create:
Last Update:

BY ОЛЕГ МАРКОВ

Share with your friend now:
tgoop.com/Olegmarkov8/843

View MORE
Open in Telegram

Telegram News

Date: |

More>> For crypto enthusiasts, there was the “gm” app, a self-described “meme app” which only allowed users to greet each other with “gm,” or “good morning,” a common acronym thrown around on Crypto Twitter and Discord. But the gm app was shut down back in September after a hacker reportedly gained access to user data. In handing down the sentence yesterday, deputy judge Peter Hui Shiu-keung of the district court said that even if Ng did not post the messages, he cannot shirk responsibility as the owner and administrator of such a big group for allowing these messages that incite illegal behaviors to exist. According to media reports, the privacy watchdog was considering “blacklisting” some online platforms that have repeatedly posted doxxing information, with sources saying most messages were shared on Telegram. A Hong Kong protester with a petrol bomb. File photo: Dylan Hollingsworth/HKFP.
from us

Telegram ОЛЕГ МАРКОВ
FROM American