Notice: file_put_contents(): Write of 10956 bytes failed with errno=28 No space left on device in /var/www/tgoop/post.php on line 50
ОЛЕГ МАРКОВ@Olegmarkov8 P.889
OLEGMARKOV8 Telegram 889
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
1-кы Тыыллыма нэһилиэгэр Хаатылыма бөһүөлэгэр ыытыллыбыт улуус аҕа баһылыга Дмитрий Тихонов отчуотугар сылдьан баран, саха сүөһүтүн иитэр Игнатьевтар дьиэ кэргэн үлэлэрин-хамнастарын билистим.

Кинилэр сүөһү иитиитинэн дьарыктанан кэтэх хаһаайыстыба тэриммиттэрэ номнуо отучча сыл буолан эрэр. Александра Семеновна ‒ бэтэринээр быраас. Хаатылымаҕа олохсуйан идэтинэн үлэлээбитэ 37-с сылыгар барда. Кэргэнэ Михаил Николаевич ‒ сылгыһыт. Онон иккиэн сүөһү иитиитигэр сыһыаннаах, үөрүйэх дьон. Бааһынай хаһаайыстыбаларын 1995 сылтан тэриммиттэр.

Хаатылымаҕа бастаан, 2015 сыллаахха бастаан 2 саха боруодата атыыр оҕуһу аҕалбыттара. Онтон 2018 сыллаахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин “Дьиэ кэргэн” гранын ылан, 20 саха сүөһүтүн (уон икки тыһаҕаһы уонна аҕыс ньирэйи) аҕалан, иитэ, көрө-истэ сылдьаллар. Билигин төрөөн-ууһаан, номнуо алта уонча төбө буолбут.
Сүөһүлэри таһынан, «Беларус» тыраахтары, оту пресстиир тэрили уонна таһаҕас тиэйэр «УАЗ» массыынаны ылыммыттара. Салгыы сэндвич-панельтан хотон туттан, үлэҕэ киллэрбиттэрэ.

Ити курдук, Ил Дархан Айсен Николаев «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын стратегическай хайысхаларын туһунан» Ыйааҕа, чуолаан саха ынаҕын тэнитиигэ туһуламмыт соруктара олоххо киириилэригэр Игнатьевтар хаһаайыстыбалара бэйэлэрин сэмэй кылааттарын киллэрсэллэр. Мэҥэ Хаҥалас улууһугар 2022-2025 сыллар Тыа хаһаайыстыбатын сылларынан биллэриллэн тураллар. Ол чэрчитинэн, саха сүөһүтүн иитэр хаһаайыстыбаларбыт ахсааннара элбээн, өбүгэлэрбититтэн хаалбыт боруодабыт тэнийэн иһэригэр эрэнэбин.

Александра Семеновна кэлэр 2025 сылга сүөһү иитээччилэргэ көмө харчыны үүтү туттарыыга биэрэр ордук диэн санаатын үллэһиннэ.

Кини Хаатылымаҕа саха ынаҕын иитэр улахан хотон туттаран, ыччаты сыһыаран, үүттэрин туттарар харчыларынан хамнастанан, саҥа үлэ миэстэтин таһаарарга этиилээх.

tgoop.com/Olegmarkov8/889
Create:
Last Update:

BY ОЛЕГ МАРКОВ

Share with your friend now:
tgoop.com/Olegmarkov8/889

View MORE
Open in Telegram

Telegram News

Date: |

Joined by Telegram's representative in Brazil, Alan Campos, Perekopsky noted the platform was unable to cater to some of the TSE requests due to the company's operational setup. But Perekopsky added that these requests could be studied for future implementation. Ng was convicted in April for conspiracy to incite a riot, public nuisance, arson, criminal damage, manufacturing of explosives, administering poison and wounding with intent to do grievous bodily harm between October 2019 and June 2020. Just as the Bitcoin turmoil continues, crypto traders have taken to Telegram to voice their feelings. Crypto investors can reduce their anxiety about losses by joining the “Bear Market Screaming Therapy Group” on Telegram. Avoid compound hashtags that consist of several words. If you have a hashtag like #marketingnewsinusa, split it into smaller hashtags: “#marketing, #news, #usa. Developing social channels based on exchanging a single message isn’t exactly new, of course. Back in 2014, the “Yo” app was launched with the sole purpose of enabling users to send each other the greeting “Yo.”
from us

Telegram ОЛЕГ МАРКОВ
FROM American