ONNUKKRDK Telegram 68232
Арассыыйа 100 бастыҥ бородууксуйатыттан биирдэстэрин Уһун Күөлгэ астыыллар.

🔹Бүтүн дойду үрдүнэн бастыҥ аһынан ааттаммыт арыыны Сунтаар улууһун Уһун Күөлүгэр "Благо" кооператив үүтү тутар уонна астыыр-үөллүүр сыаҕар оҥорон таһаараллар. Москваҕа ыытыллыбыт быыстапкаҕа “Арассыыйа уонна Саха сирин 100 бастыҥ табаарын” ахсааныгар киирэн, анал каталогка киирдэ. Салайааччы Римма Семенова үрүҥ көмүс бэлиэнэн наҕараадаланна.

🔹Сыахха үрүҥ ас эгэлгэтин оҥорон таһаараллар. Ааспыт сылга кооператив 330 туонна үүтү ыата. Ону таһынан, биирдиилээн дьонтон эмиэ туталлар. Уһун Күөл олохтооҕо Эдуард Еремеев - "Ынах арыыта бэйэбитигэр оҥоһуллан тахсара олус үчүгэй. Сибиэһэй, иҥэмтиэлээх аһы оҕолорбутугар, дьоммутугар кэһии гынан ыыта турабыт".

🔹️Хаһаайыстыбаҕа икки хотон муҥунан, барыта 160-ча төбө ынах-сүөһү хараллан турар. Мантан 57-тэ ыанньык. Кэрэхсэнэрэ диэн хотоҥҥо, үүтү астыыр сыахха олохтоох дьон үлэлиир. Биригэдьиир Анатолий Иванов - "Субай сүөһүлэр уонна ыанньык ынахтар хотонноругар 3-түү киһи үлэлиир. Сотору маассабай төрүөххэ эбии үлэһиттэри ылабыт. Манна үлэлиир олус үчүгэй, хамнаспыт кэмигэр кэлэ турар".

🔹️Хаһаайыстыба салайааччыта Римма Семенова аныгы олох тэтимин батыһан саҥа саҕахтары арыйар сатабыллаах салайааччы. Быйыл министиэристибэ гранынан Тыһакыыс курдук быйаҥнаах сиргэ тупсаҕай сайылыгы тутан үлэлэҕэ киллэриэхтэрэ. Маны тэҥэ, уоту кэмчилиир сыалтан, альтернатива быһыытынан газгольдерга көһүөхтэрэ.

Бу курдук, үлэни өрө тутар дьон баарын тухары тыа сирэ сайдар, нэһилиэнньэ тирэхтээх.

📽 Устууга Эдуард Еремеев угуйукка ыҥырар😀👍

🚀@suntaar_ulus
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM

tgoop.com/OnnukKrdk/68232
Create:
Last Update:

BY OnnukKrdk

Share with your friend now:
tgoop.com/OnnukKrdk/68232

View MORE
Open in Telegram

Telegram News

Date: |

Telegram Android app: Open the chats list, click the menu icon and select “New Channel.” Members can post their voice notes of themselves screaming. Interestingly, the group doesn’t allow to post anything else which might lead to an instant ban. As of now, there are more than 330 members in the group. Just at this time, Bitcoin and the broader crypto market have dropped to new 2022 lows. The Bitcoin price has tanked 10 percent dropping to $20,000. On the other hand, the altcoin space is witnessing even more brutal correction. Bitcoin has dropped nearly 60 percent year-to-date and more than 70 percent since its all-time high in November 2021. Click “Save” ; How to create a business channel on Telegram? (Tutorial)
from us

Telegram OnnukKrdk
FROM American