Notice: file_put_contents(): Write of 13597 bytes failed with errno=28 No space left on device in /var/www/tgoop/post.php on line 50
Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района@ValeriNikolaev P.2277
VALERINIKOLAEV Telegram 2277
Бүгүн тохсунньу ый 13 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун прокуратуратын саҥа дьиэтэ арылынна.

Саҥа прокуратура дьиэтин тутуута 2024 сыл бэс ыйыттан саҕаланан ахсынньы ыйга түмүктэммитэ.

Бүгүн үөрүүлээх арыллыы сиэригэр-туомугар Үөһээ Бүлүү улууһун прокурора Михаил Михайлович Сивцев, улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта Егор Дмитриевич Иванов уонна "Үөһээ Бүлүү нэһилиэгэ" МТ дьаһалтатын бэрэстэбиитэллэрэ кыттыыны ыллылар.

Михаил Михайлович эҕэрдэ тылыгар, Үөһээ Бүлүү улууһугар сокуону бөҕөргөтүүгэ, нэһилиэнньэ интириэһин уонна гражданнар бырааптарын көмүскээһиҥҥэ туһуламмыт үлэ ыытылларыгар сөптөөх бары усулуобуйа тэриллибитин бэлиэтээтэ.

Егор Дмитриевич саҥа дьиэ материальнай-техническэй хааччыллыытын көрдө, прокуратураҕа сүктэриллибит үрдүк эппиэтинэстээх үлэни күннэтэ ыытарга сөптөөх, табыгастаах усулуобуйа оҥоһуллубутун бэлиэтээтэ.

Саҥа прокуратура дьиэтин адреһа: Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтэ, Школьная уулусса 7-с нүөмэрдээх дьиэтэ.
Үлэлиир кэмэ: 09:00-18:00
Тохтобул: 13:00-14:00

#НовостиПрокуратуры
#ВерхневилюйскийУлус

tgoop.com/ValeriNikolaev/2277
Create:
Last Update:

BY Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района

Share with your friend now:
tgoop.com/ValeriNikolaev/2277

View MORE
Open in Telegram

Telegram News

Date: |

More>> How to Create a Private or Public Channel on Telegram? The court said the defendant had also incited people to commit public nuisance, with messages calling on them to take part in rallies and demonstrations including at Hong Kong International Airport, to block roads and to paralyse the public transportation system. Various forms of protest promoted on the messaging platform included general strikes, lunchtime protests and silent sit-ins. 5Telegram Channel avatar size/dimensions Telegram desktop app: In the upper left corner, click the Menu icon (the one with three lines). Select “New Channel” from the drop-down menu.
from us

Telegram Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
FROM American