VALERINIKOLAEV Telegram 2347
#ОтчетГлавы2024

Үөһээ Бүлүү салалтатын сыллааҕы үлэтин-хамнаһын отчуоттуур үлэтин Хоро нэһилиэгин кэннэ Үөдүгэйгэ ыыттыбыт. Олохтоохтор көхтөөхтүк кытыннылар, олох араас эйгэтигэр сыһыаннаах көрүүлэрин, саҥа санааларын этиннилэр. Улуус дьаһалтатын ааспыт сыллаа үлэтин туйгунунан сыаналаатылар.

Салгыы киэһэ өттүгэр Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр кэлэн отчуот үлэтин түмүктээтибит. Тэрилтэ салайааччылара, биэнсийэлээхтэр санааларын хото этиннилэр.

Ол курдук, санитарнай рейсэ кэлэригэр авиапорт балаһата бэлэмэ суох буоларын, онтон сылтаан рейсэ кэлэр-кэлбэт боппуруоһа турарын улуустааҕы киин балыыһа сүрүн бырааһын солбуйааччыта Мария Прокопьева этиннэ. Маҥан авиапорт салайааччыта Дмитрий Иванов күннээҕи үлэ хаамыытынан хаар ыраастааһын үлэтэ утары күнүнэн ыытылларын, Онон рейсэ кэлэр буоллаҕына мэлдьи бэлэмнэрин туһунан хоруйу биэрдэ. Үөһээ Бүлүүттэн Дьокуускай куоракка рейсэ сарбыллан турарын бары билэбит. Маныаха авиапорт , салалтата Бүлүүгэ кэлэр рейсэ Үөһээ Бүлүүгэ диэри кэлэрин курдук туруорсуу үлэтин ыыта сылдьар.

Тыа хаһаайыстыбатын өттүгэр оттооһуҥҥа анаммыт сири тыырыыны, чааһынай сылгылаахтарга туох өйөбүл баар буолуоҕун ыйыттылар. Саҥа бэрээдэк өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн таҕыста да үбү-харчыны тыырыы үлэтэ барыаҕа. Биирдиилээн сүөһүлээх ыалга харчы көрүллүбэт, тэриллиилээх хаһаайыстыбаларга эрэ тыырыллар. Тыа хаһаайыстыбатыттан көрүллэр субвенция харчытын быһаарар боломуочуйа улууска бэриллэр буолла. Маныаха үүтү туттарааччыларга 1 лиитэрэ үүккэ 100 солк. төлөнөр буолуоҕа. Билигин улуус үрдүнэн Сургуулук нэһилиэгэ уонна бааһынай хаһаайыстыбалаахтартан Анна Трофимова уонна Балаҕаннаахха Петр Кардашевскай саамай элбэх үүтү туттарааччылар буолаллар. Улуус өттүттэн тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыыны, үп-харчы кэмигэр сөпкө төлөнөрүн хонтуруоллуохтаахпыт.

Бөһүөлэк 1-кы уокуругун түөлбэтигэр үс арыгы атыылыыр маҕаһыын үлэлиирин бэлиэтээн туран, маҕаһыыннары дьон олорор түөлбэтиттэн тэйиччи, улуус киинин кытыытыгар көһөрөргө көрдөстүлэр. Бу боломуочуйа сэлиэнньэ депутаттарын көрүүтүгэр киириэхтээх. Депутаттар быһаарыыларынан көһөрүллэр кыахтаахтар, Маныаха сессияҕа улуус баһылыгын быһыытынан тус санаам ирдэннэҕинэ кыттыыны ыларга бэлэммин.

Хайа да нэһилиэккэ буоллун, Үөһээ Бүлүүгэ эмиэ ТКО уонна АСМ убаҕас отходу тоҕор миэстэтин уларыталларыгар этиннилэр.

21 нэһилиэктэн 16-гар муниципальнай баһаарынай чаас баарын этэн туран, хаалбыт 3 нэһилиэккэ тэриллэрэ буоллар нэһилиэнньэ баһаартан сэрэхтээх, харысхаллаах буолара күүһүрүөх этэ диэн улуустааҕы баһаарынай этэрээт салайааччыта Олимпий Харлампьевтан санаатын этиннэ.

Инбэлиит оҕолордоох төрөппүттэр ааттарыттан босхо көрүллэр эмп кырыымчыгынан сибээстээн, ааспыт сылга 2 эрэ ыйдааҕы эми ылбыттарын этиннилэр. Манна улуус киин балыыһатын үлэһитэ сөптөөх хоруйу биэрдэ. Ол эрэн бу боппуруоһу Бырабыыталыстыба сыллааҕы үлэтин отчуотугар биэрэрдии боротокуолга киллэрдибит.

Мэҥэ таһынан Үөһээ Бүлүү, Үөдүгэй нэһилиэктэригэр уһаайба сирэ суоҕун, 5 уонна 5-тэн элбэх оҕолоох ыаллар дьиэ ылар уочараттара хамсаабатын, федеральнай трасса өрөмүөнүн, ууга барар уһаайбалаах дьон аатыттан кыһалҕаларын этиннилэр.

Олохтоохтор саҥа састаабынан саҕалаабыт үлэбитигэр ситиһиини баҕарбыттара өссө күүскэ үлэлиирбитигэр кыах биэрэр. Улууска үп-харчы кэллэҕинэ үлэ барар, салгыы сайдабыт. Онон бары бииргэ, түмсүүлээхтик улууспут туһугар үлэлиэххэ-хамсыахха диэн ыҥырабын. Түмсүүлээх буоллахпытына баар үлэни барытын кыайыахпыт.

#ВерхневилюйскийУлус
http://T.me/ValeriNikolaev

tgoop.com/ValeriNikolaev/2347
Create:
Last Update:

BY Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района

Share with your friend now:
tgoop.com/ValeriNikolaev/2347

View MORE
Open in Telegram

Telegram News

Date: |

The group also hosted discussions on committing arson, Judge Hui said, including setting roadblocks on fire, hurling petrol bombs at police stations and teaching people to make such weapons. The conversation linked to arson went on for two to three months, Hui said. On June 7, Perekopsky met with Brazilian President Jair Bolsonaro, an avid user of the platform. According to the firm's VP, the main subject of the meeting was "freedom of expression." The court said the defendant had also incited people to commit public nuisance, with messages calling on them to take part in rallies and demonstrations including at Hong Kong International Airport, to block roads and to paralyse the public transportation system. Various forms of protest promoted on the messaging platform included general strikes, lunchtime protests and silent sit-ins. The initiatives announced by Perekopsky include monitoring the content in groups. According to the executive, posts identified as lacking context or as containing false information will be flagged as a potential source of disinformation. The content is then forwarded to Telegram's fact-checking channels for analysis and subsequent publication of verified information. How to create a business channel on Telegram? (Tutorial)
from us

Telegram Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
FROM American