Notice: file_put_contents(): Write of 13326 bytes failed with errno=28 No space left on device in /var/www/tgoop/post.php on line 50
Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района@ValeriNikolaev P.2490
VALERINIKOLAEV Telegram 2490
Бүгүн, олунньу 27 күнүгэр, Үөһээ Бүлүү улууһун байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин ассоциацията тэрилиннэ.

Үөһээ Бүлүү улууһун байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин түмсүүтүн кэҥэтэн, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын киллэрэн, үлэлиир хайсхатын кэҥэтэн ассоциация тэрийэргэ сүбэ мунньах ыытылынна.

Биһиги улууспутуттан эйэлээх олох кэмигэр ыытыллыбыт Афганистан - 3 , Сирия - 2 уонна Чечня 68 сэрии кыттыылаахтара барыта сэттэ уонча байыастар, маны таһынан дойдуга буола турар анал байыаннай дьайыы байыастара бааллар.

Бары байыаннай дьайыы кыттыылахтарын түмэр Ассоциацияны тэрийиини мунньах кыттыылаахтара, байыаннай дьайыы бэтэрээннэрэ, бигэргэттилэр.

Ассоциация - биһиги ортобутугар үлэлии – хамсыы, айа – тута сылдьар “байыаннай дьайыылар бэтэрээннэрэ“ - диэн ааты сүгэр биир дойдулаахтарбытыгар өйөбүлү биллэрэн тэрилиннэ.

Маны сэргэ, бүгүн, үөрүүлээх быһыыга-майгыга, биһиги биир дойдулаахпытыгар, анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕар Яковлев Василий Алексеевичка “Байыаннай дьайыы бэтэрээнэ” буолбутун туоһулуур удостоверение туттарылынна.

Сүбэ мунньахха ассоциация бэрэсэдээтэлинэн куоластааһын түмүгүнэн Бүлүү улуустарыгар быыһыыр сулууспа отрядын салайааччыта, анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа, "Саллаат аҕата" мэдээл хаһаайына, СӨ үөрэҕэриитин туйгуна, СӨ быыһыыр сулууспа туйгуна Михаил Васильевич Ан талылынна. Кини солбуйааччытынан Сирия уонна Украина байыаннай дьайыыларын бэтэрээнэ, "За Отвагу" уонна "Черный крест" мэдээллэр хаһаайына Владимир Вячеславович Поскачин талылынна.

Ассоциация саҥа талыллыбыт бэрэсэдээтэлигэр Михаил Васильевичка уонна бэрэсэдээтэли солбуйааччыга Владимир Вячеславовичка эппиэтинэстээх уонна улахан суолталаах уопсастыбынай үлэҕитигэр ситиһиилэри баҕарабын. Үөһээ Бүлүү улууһун байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин ассоциацията биир дойдулаах байыастарбытыгар, хорсун буойуннарбытыгар көмө, тирэх буоллун!

#АссоциацияВетерановБоевыхДействий
#ВерхневилюйскийУлус

T.me/ValeriNikolaev

tgoop.com/ValeriNikolaev/2490
Create:
Last Update:

BY Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района

Share with your friend now:
tgoop.com/ValeriNikolaev/2490

View MORE
Open in Telegram

Telegram News

Date: |

End-to-end encryption is an important feature in messaging, as it's the first step in protecting users from surveillance. fire bomb molotov November 18 Dylan Hollingsworth yau ma tei In 2018, Telegram’s audience reached 200 million people, with 500,000 new users joining the messenger every day. It was launched for iOS on 14 August 2013 and Android on 20 October 2013. Telegram desktop app: In the upper left corner, click the Menu icon (the one with three lines). Select “New Channel” from the drop-down menu. In the “Bear Market Screaming Therapy Group” on Telegram, members are only allowed to post voice notes of themselves screaming. Anything else will result in an instant ban from the group, which currently has about 75 members.
from us

Telegram Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
FROM American