tgoop.com/aartyk_nutchina/2626
Last Update:
— Ол эбэтэр икки сыл иһигэр пилот буоларга үөрэтэллэр дуо?
— 2 сыл 10 ый үөрэммиппит. Сыллата Череповецк куоракка баран практикабытын ааһарбыт. Онтон үһүс сылбытыгар Набережные Челны Бекишево диэн аэропорка үөрэммиппит. Бастакы кууруска үөрэнэ сылдьан көтөн саҕалаабыппыт. Санкт-Петербурга үөрэнэр устудьуоннары кытары тэҥҥэ көтөрбүт. Кинилэр 6 сыл үөрэнэллэр уонна 3 куурустан саҕалаан биирдэ көтөллөр. Олус муодарҕыыллар этэ, хайдах маннык түргэнник штурвалга олордоллоруй диэн.
— Бастакы бэйэҥ көтүппүт сөмөлүөтүҥ?
— “Полярные Авиалинии” тэрилтэҕэ Л-410 этэ, иккис пилот быһыытынан Саха сирин иһинэн көтөрбүт. Баатаҕайга, Сангаарга уонна Белай Гораҕа сорудаҕынан көтөрбүт уонна үксүн санитарнай рейстэри толорор этибит. Вертолеттары кытары солбуһан Саха сирин араас муннугар бары тиийэ сылдьыбыппыт. Медиктэргэ көмөлөһөн, дьахталлар эҥин эрэ буоллахтарына ыарыһахтары киллэрэргэ, таһаарарга тэҥҥэ көмөлөһөр этибит.
Источник: Aartyk.ru
BY AarTYK☀️
Share with your friend now:
tgoop.com/aartyk_nutchina/2626