GAZETANYURBA Telegram 31989
🪖 Соҕотох саха байыаһа өстөөҕү кытары биир-бииргэ киирсибит хорсун быһыыта бу күннэргэ ситимнэргэ киэҥник тарҕанна. Билиҥҥи кэм геройа - Тута.

Мантан СВО-ҕа элбэх байыаннай сулууспалаах сылдьар, ол иһин хас биирдиилэрин билэ, билсэ сатыыбыт диэххэ сөп. Онон сэтинньигэ Андрей Украина сиригэр бойобуой сорук толоро киирэн баран атакаҕа түбэһэн сураҕа суох сүппүт диэн иһитиннэрии ыар сурах буолан кыра Ньурбаны тута толорбута. Онтон аҕыйах хонон баран "Андрей тыыннаах үһү" диэн үөрүүлээх сонун хараҥа былыт кэннэ күн тыкпытыныы биир дойдулаахтарын үөрдүбүтэ. 5 оҕо тапталлаах аҕата тыыннааҕын истэн бары үөһэ тыыммыппыт.

Саҥа сылы көрсө Тута кэпсээниттэн волонтер Александр Седалищев суруйбут очерката, Тута тыыннаах хаалар иһин хабыр хапсыһыытын видеота ситимнэринэн тарҕанна, дьиҥ киирсии хайдах буолбутун эт харахпытынан көрдүбүт.
Бүгүн баһылык бастакы солбуйааччыта Василий Семенов, баһылык солбуйааччыта Наталия Петрова, Ньурбатааҕы военком Николай Афанасьев Тутаны уонна кэргэнин кытта көрүстүбүт, кэккэ боппуруостары дьүүллэстибит. Үгэс быһыытынан үрүҥ көмүс харысхал, СВО байыаһын наборун туттардылар.
Саха сиэринэн уолбутугар бары өйөбүл буолуохтаахпыт.
Ситимнэргэ тарҕанар араас быһыылаах иһитиннэриилэри сиидэлээн, харыстабыллаахтык сыһыаннаһар барыбытыттан ирдэнэрин санатабыт.

✍🏻 Лена Петрова

@gazetanyurba @ulusmedia

tgoop.com/gazetanyurba/31989
Create:
Last Update:

BY Газета "Ньурба" / Нюрбинский улус

Share with your friend now:
tgoop.com/gazetanyurba/31989

View MORE
Open in Telegram

Telegram News

Date: |

Hui said the time period and nature of some offences “overlapped” and thus their prison terms could be served concurrently. The judge ordered Ng to be jailed for a total of six years and six months. With the “Bear Market Screaming Therapy Group,” we’ve now transcended language. Clear As of Thursday, the SUCK Channel had 34,146 subscribers, with only one message dated August 28, 2020. It was an announcement stating that police had removed all posts on the channel because its content “contravenes the laws of Hong Kong.” Step-by-step tutorial on desktop:
from us

Telegram Газета "Ньурба" / Нюрбинский улус
FROM American