tgoop.com/mvd_sakha/4642
Last Update:
Саҥа Дьыл оҕо-аймах күүтүүлээх бырааһынньыга, онон чугас кырачаан дьоҥҥут бырааһынньыгын буортулаан аһыы утаҕы амсайартан туттунаргытыгар көрдөһөбүт!
Аһыы утаҕы амсайан баран уруулга олорортон, түүҥҥү аралдьытар кииннэринэн итирик туруктаах сылдьартан, быстах санааҕа ылларан этиһэртэн-охсуһартан туора туттуҥ!
Итирик туруктаах сылдьар киһи сиэрэ суох быһыыланан, этиһэн-охсуһан, быдьар тылынан үөхсэн араас быһыыланыытыттан административнай, холуобунай эппиэтинэстэргэ тардыллыан сөп.
Өйдөөн, аһыы утахха “сэрэхтээх” кээмэй диэн суох. Саҥа дьыллааҕы бырааһынньыктар этэҥҥэ, быһылаана суох ааһалларыгар!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин ИДьМ пресс-сулууспата
#мвд14
#полицияпредупреждает
#арыгыдьаат