tgoop.com/oyuns/1093
Last Update:
Чаҕылхай Махсыым төрөөбүт-үөскээбит Аччыгый Арыы алааһыгар улуу киһибитигэр сүгүрүйүү, сибэкки дьөрбөтүн ууруу, алгыс сиэрин-туомун толоруу ыытылынна.
Алааска мустубут дьону улуус баһылыгын э.т. Анатолий Павлов, Хатырык нэһилиэгин баһылыга Артур Ноговицын уонна Максим Аммосов сиэн балта Яна Корякина эҕэрдэлээн тыл эттилэр. Нэһилиэккэ бу күнтэн ыла Максим Аммосов төрөөбүт күнүгэр Хатырык нэһилиэгин күнэ ыытыллар буолуоҕа диэн Артур Егорович эппитин бары биһирии, үөрэ иһиттилэр.
Максим Кирович төрөөбүт алааһыгар турар пааматынньыкка тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн уурдулар. Ол кэнниттэн алгысчыт Өлөксөй Лоҥхо Уус аал уоту оттон, айах тутан, алгыс тылынан алҕаата.
Бу курдук, киэн туттар биир дойдулаахпытын куруук саныы, сүгүрүйэ, аатын ааттата, үйэтитэ сылдьарбыт – биһиги ытык иэспит буолар.
«Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата
BY Музей государственности РС (Я) им.П.А.Ойунского
Share with your friend now:
tgoop.com/oyuns/1093