UAMURUSAHARGATA Telegram 42991
🕯️ Тапталлаах күндү дьүөгэбит, чугас киһибит, биир идэлээхпит, өр сылларга улуус култуурунай, уопсастыбаннай, спортивнай олоҕун, ситиһиитин, үлэтин-хамнаһын хаһыакка, телевидениеҕа, радиоҕа тиһигин быспакка эргиччи сырдаппыт, үгүс дьонун-сэргэтин сурукка киллэрэн үйэтиппит, СӨ Бэчээтин туйгуна, “Түмүктээх үлэтин иһин” суруналыыстар бириэмийэлэрин лауреата, үс оҕо амарах ийэтэ, эрэллээх кэргэн, улахан дьиэ кэргэн эдьиийэ, истиҥ дьүөгэ Ольга Егоровна ШЕПЕЛЕВА – Олябыт олус соһумардык бу сиртэн хомолтолоохтук суох буолбутунан тапталлаах кэргэнигэр Сергей Петровичка, уолаттарыгар, бииргэ төрөөбүттэригэр, ийэтигэр, аҕатыгар, чугас аймахтарыгар, билэр, алтыспыт дьонугар-сэргэтигэр дириҥ кутурҕаммытын тиэрдэбит.

Олябыт барахсан, сырдыгынан сыдьаайа сылдьар, күлэн мичилийэр күндү киһибит, түүннэри-күннэри илиитин араарбакка идэтигэр бэриниилээхтик үлэлээбитэ. Улууска буолар бары тэрээһиннэр кини сырдатыыта суох ааспатахтара буолуо. Суруналыыс быһыытынан кинини билбэт киһи аҕыйах буолуохтаах. Өссө да айыахтаах-тутуохтаах киһибитин этэ диирбит биһиэхэ күннэтэ эн-мин дэһэн алтыһа сылдьыбыт, үөрүүбүтүн-хомолтобутун тэҥҥэ үллэстибит биир идэлээхтэригэр олус ыарахан сүтүк буолла. Эдэр сааһыгар суорума суолламмыта ордук харааһыннарар.

Олябыт сырдык аатын кини суруйбут үлэлэрэ, олорон ааспыт ситиһиилээх үлэтэ-хамнаһа, дьоҥҥо үтүө-мааны сыһыана, үлэһит, үөрүнньэҥ майгыта өрүү сырдык өйдөбүл буолан сүрэхтэн-санааттан сүтүө суоҕа, бииргэ үлэлэспит дьоно, дьүөгэлэрэ Олябыт сырдык аатын өрүү үрдүктүк тута сылдьыахпыт. Быдан дьылларга быраһаай, күндү доҕорбут...

@uamurusahargata @ulusmedia

tgoop.com/uamurusahargata/42991
Create:
Last Update:

BY УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"

Share with your friend now:
tgoop.com/uamurusahargata/42991

View MORE
Open in Telegram

Telegram News

Date: |

Commenting about the court's concerns about the spread of false information related to the elections, Minister Fachin noted Brazil is "facing circumstances that could put Brazil's democracy at risk." During the meeting, the information technology secretary at the TSE, Julio Valente, put forward a list of requests the court believes will disinformation. The Channel name and bio must be no more than 255 characters long Telegram channels fall into two types: To edit your name or bio, click the Menu icon and select “Manage Channel.” The group’s featured image is of a Pepe frog yelling, often referred to as the “REEEEEEE” meme. Pepe the Frog was created back in 2005 by Matt Furie and has since become an internet symbol for meme culture and “degen” culture.
from us

Telegram УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
FROM American