tgoop.com/saqa_ayal/80
Last Update:
Утуппат общага | Сурутааччы кэпсээнэ
2007-8 сылларга Нам улууһун Граф Биэрэгэ диэн дэриэбинэ5э профлицей-2 диэн сиргэ үөрэнэ сылдьабын, оччолорго дьалхааннаах со5ус кэмнэр этэ. Күһүн үөрэнэн са5алаатыбыт, биир хоско уонтан тахса буолан олоробут.
Биир күн утуйа сытан баттат да баттат буоллум, отой кыайан утуйбатым, ол сытан арай туох эрэ иннибэр сырдыы түстэ. Олоро биэрээт көрбүтуүм до5оор ханньары баран хаалбыт уостаах, арбайбыт баттахтаах, уппуһун муннулаах, кып - кыара5ас харахтардаах, киһии сырайын курдук төбө салгыңңа ыйанан турар эбит. Этэ сиинэ, илиитэ ата5а суох, көннөрү төбө сырдаан уун утары көрөн турар. Оо соһуйан саңа да таһаарбатым истиэнэ5э сыстан баран көрөн олордум. Төьө өр эбитэ буолла, а5ыйах сөкүүндэ быһылаах. Онтон ол ба5айым хос ортотугар са5арыйда, уонна феолетавай өңнөнөн баран сүтэн хаалла. Онтон дьэ куттанан суора5аным иһигэр киирдим, дэлби тириттим. Онтон биир соседым тугу эрэ гынан тыаһаабытыгар ыйыттым, көрдүн дуо диэн, - суох диэтэ. Сарсыныгар кэпсээбиппэр ким да итэ5эйбэтэ.
Чэ оннук үөрэх баран иһэр саас буолла, биир күн улахан курэхтэһии буолла. Улуустартан спортсменнар кэллилэр. Биһиги хосторбутун күрэхтэһээччилэргэ биэрдилэр, биһигини биир склад курдук хоско сытын диэтилэр. То5о бу склад буолан турарый диэн ыйыппыттарыгар, урут хайа-эрэ студент ыйанан өлбүт үһү диэтилэр. Ону хайдах эрэ итэ5эйбэтибит, уһун күнү быһа ыраастаатыбыт маллары көһөртөөн. Чэ уонна бастакы күммүтүн хоннубут. Утуйа сытан тугу эрэ түһүү сытан уһуктан кэллим. Түннүгү көрбүтүм ыйдаңалаах ыраас халлаан эбит, сып-сырдык. Онтон суора5аммын көннөрөөрү көрбүтүм до5оор… Оронум муннугар олорор эбит, хоп-хойуу куул курдук өңнөөх киһи нуксуйэн баран олорор эбит. Кутталбыттан суора5аммар киирдим уонна сыттыгым үрдүгэр дэлби та5ыстым. Оннук куттаммыппын хаһан да өйдөөбөппүн. Уһун чааһы быһа сыттым тыыммын хаайтара-хаайтара. Ол сыттахпына пожарнай сигнализация тыаһаата, хайа эрэ уол пожарнай ааны арыйбытыгар тыаһаабыт. Сэрэнэн өңөйөн көрбүтүм сүтэн хаалбыт.
Уолаттартан ыйытабын хайдах утуйдугут диэн, бары ынырык учугэйдик утуйа сыттыбыт дииллэр. Биир Макс диэн уолтан биир уол ыйыталаһарын иһиттим Макс бөлүүн тугу эрэ көрбүт үһүгүн диэн. Онно олорон испэр санаатым ити аата мин эрэ көрбөтөхпүн диэн.
Практика5а ыыталаатылар, мин куоракка ааһар сир булуннум. Ол кэннэ икки ыйы супту кыайан утуйбатым, нэһиилэ 1-2 эрэ чаас нуктаан ылабын. Эбэм аахха олоробун, түүнү быһа аны туох эрэ күлүктэрин көрөр буоллум. Ыксааммын пиибэ бө5өтүн иһэн эрэ баран күүскэ утуйар буола сырыттым. Хайдах эрэ санаар5аатым маннык буолар буолла5ына, арыгыһыт буолан бүтэр эбиппин диэн. Практикабын ааһан үөрэхпин түмүктээн дипломмун ылан баран, дойдулаатым. Дьэ онно тиийэн сүгүн утуйар буоллум. Ба5ар дьонум таһыгар кэлэн буолуо эбитэ дуу, ба5ар сирим дойдум булан дуу. Уоскуйан куттанарым ааһан чөлбөр түспүтүм. Билигин үчүгэй, туох да мэһэйдээбэт. Сиэри-туому тутуһа сатыыбын.
AYAL | Кутталлаах түбэлтэлэр @saqa_ayal
BY AYAL | Страшные истории
Share with your friend now:
tgoop.com/saqa_ayal/80